Социальнай страховкалааһын пуондата саҥа массыына күлүүстэрин туттартаата
Бу күннэргэ Социальнай страховкалааһын пуондатын эрэгийиэннээҕи салаата производственнай эчэйиини ылбыт Саха сирин олохтоохторугар саҥа массыына күлүүстэрин туттартаата.
РФ бырабыыталыстыбата 2006 сыллаахха таһаарбыт «Положению об оплате дополнительных расходов на медицинскую, социальную и профессиональную реабилитацию застрахованных лиц, получивших повреждение здоровья вследствие несчастных случаев на производстве и профессиональных заболеваний» диэн уурааҕыгар олоҕуран, үлэҕэ сылдьан эчэйиини ылбыт гражданнар сэттэ сылга биирдэ саҥа массыына ылар бырааптаахтар.
Үлэҕэ сылдьан эчэйиини ылбыт дьоҥҥо Lada Granta массыына күлүүстэрин туттардылар.
«РФ сокуонун быһыытынан, үлэҕэ сылдьан эчэйиини ылбыт дьон медицинскэй-социальнай экспертиза түмүгүнэн массыына ыыталлара көҥүллэнэр буоллаҕына, Социальнай страховкалааһын пуондата сэттэ сылга биирдэ массыына биэрэр», — Социальнай страховкалааһын пуондатын эрэгийиэннээҕи салаатын управляющайын солбуйааччыта Егор Алексеев иһитиннэрдэ.
Виктор Кузьмин 2004 сыллаахха үлэлии сылдьан эйэчиини ылбыта. Массыына ылаат даҕаны, Ленскэйгэ диэри айаннаабыта. Кини билиҥҥээҥҥэ диэри олохтоох автобазаҕа дьуһуурунай суоппарынан үлэлиир. Виктор Кузьмин номнуо иккиһин Социальнай страховкалааһын пуондатын эрэгийиэннээҕи салаатыттан массыына ылла.
Бу сылга алта киһи Социальнай страховкалааһын пуондатын эрэгийиэннээҕи салаатыттан саҥа массыына ылла. Биир киһи бэйэтэ массыына атыылаһан, киниэхэ пуондаттан компенсация төлөммүт.
edersaas.ru