Социальнай страховка пуондатын бүддьүөтүн барыла

Бөлөххө киир:

Арассыыйа бүддьүөтүн сүрүн сокуонун барыла бу күннэргэ Судаарыстыбаннай Дуумаҕа иккис ааҕыынан ылылынна. Арассыыйа 2022 сыллаах бүддьүөтүн барылынан дохуот – 25,02, ороскуота – 23,69 трлн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Социальнай страховка пуондатын дохуотугар эһиил 988,1 млрд солкуобай көрүллэрэ былааннанар.

Ороскуота – 944,1 млрд солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. 2023 сылга манна анаан бүддьүөттэн 1 трлн солкуобайы, 2024 сылга 1,1 трлн солкуобайы көрүөхтэрэ. Санаторнай-курортнай эмтэниигэ, онно айанныырга анаммыт төлөбүргэ диэн эһиил 5,8 млрд солкуобай көрүллүөҕэ. 2023 сылга бу суума – 6,1,  2024 сылга – 6,4 млрд солкуобай буолуоҕа.

Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Саха сиригэр барыта 11 санаторий баар. Былырыын санаторийынан 6283 киһи хабыллыбыт. Ити сыыппара 2019 сыллааҕыны кытары тэҥнээтэххэ, үс төгүл кыра. Санаторийдар үлэлэригэр дьаҥ-дьаһах турбута биллэ оҕуста. Ол эрээри, санаторийдар аны билигин дьаҥнаабыт киһи доруобуйатын тупсарынарыгар күүскэ үлэлэһиэхтээхтэр. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар сырыытын кэмигэр Айхаллааҕы балыыһа холобуругар сыһыаран эппитэ. Санатан эттэххэ, быйыл ойуур баһаардарынан сибээстээн, Ил Дархан Айсен Николаев туруорсуутунан, өрөспүүбүлүкэ таһыгар Саха сириттэн сүрэх, тыҥа ыарыылаах балыыһаҕа учуокка турбут дьон санаторийга эмтэнэн, доруобуйаларын тупсарынан кэллилэр.

Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Социальнай пуонда сокуонун барылыгар өссө биир уларытыыны киллэрдилэр. Сокуон барылын иккис ааҕыытынан, 2022 сыл тохсунньутугар диэри пуондаҕа хаалбыт тобох харчы үлэтэ суох дьону ылан хамнастаабыт тэрилтэлэргэ эбии төлөнүөҕэ. Ону сэргэ 7 млрд солкуобай 30 сааһыгар диэри эдэр дьону ылан үлэлэппит тэрилтэлэргэ ыытыллыаҕа. Ол эбэтэр үлэ миэстэтин таһаарбыт тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнастарын толуналларыгар эбии көмө буолуоҕа.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0