Социальнай ситим — нэһилиэнньэлиин быһа алтыһыы ньымата

Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ гражданнар суруктара официальнай сурук курдук ааҕыллар диэн ыйааҕы таһаарбыта. Бу кэнниттэн 8 чаас иһинэн судаарыстыбаннай уорганнар эппиэт биэриэхтээхтэр.

edersaas.ru

Ол эрээри, сорох дьон бары социальнай ситимнэргэ араас чунуобунньуктар аккауннарыгар суруйа-суруйа, эппиэт көрдөөн киирэн барбыттара. Биллэрин курдук, социальнай ситимнэргэ дьон арааһы суруйар: хайҕал да, кириитикэ да, тус санаа да баар буолар.

Айсен Николаев тэлэбиидэнньэҕэ быһа эпииргэ ол туһунан сиһилии быһааран биэрдэ. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин аккауннарыгар суруйбут эрэ буоллахха, ол официальнай сурук быһыытынан ааҕыллар эбит. Ол эрээри, сотору кэминэн, баҕар, былаас атын да бэрэстэбиитэллэрин аккауннарыгар тарҕаныан сөбүн туһунан эттэ.

Бу нэһилиэнньэни кытары алтыһарга, кыһалҕаларын быһаарарга табыгастаах көрүҥ. Ол да иһин, дьон элбэхтик суруйар, туруорсар буолбут.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0