Социальнай ситим хабалата

Ааптар: 
25.04.2018
Бөлөххө киир:

Билигин үгүс киһи саныыр буолуохтаах: “Хайдах социальнай ситимнэрэ суох олорбуппутуй?” – диэн.

edersaas.ru

Батсаап, инстаграм, фейсбук күннээҕи олохпут аргыстарынан буоллулар. Биир эмэ киһи интэриэһин тардыах иһитиннэрии таҕыста да, сонно аҕыйах мүнүүтэнэн арҕаа, хоту улуустарга тиийэ тарҕана охсор. Дьон аралдьыйан ылаары инстаграмҥа, фейсбукка олорор. Сорохтор үлэлэрин кэмигэр социальнай ситимнэргэ киирэн сынньанан ылаллар.

Мельбурн университетын учуонайдарын чинчийиилэринэн, үлэ кэмигэр аҕыйах кэмҥэ аралдьыйан ылар киһи үлэтин тэтимэ 9% түргэтиир эбит.

Инстаграм уонна батсаап үгүс дьоҥҥо хамнастанар, дохуоттанар кыаҕы биэрдилэр. Холобура, инстаграмҥа элбэхтик көрүллэр, ааҕыллар “страницалаах” киһи реклама биэрэр дьону бэйэтигэр тардан, босхо аһыы, таҥна олорор. Оттон бэйэтин бородууксуйатын социальнай ситим нөҥүө тарҕатар дьон туһунан этэ да барбаккын.

Батсаап салайааччыларга ордук табыгастаах ситиминэн буолла. Билигин хас биирдии үлэ кэлэктиибэ “дьыалабыай” диэн бэрт суолталаах бөлөхтөөх. Онно үлэ хаамыыта барыта ырытыллар, быһаарыллар. Ордук биһиги, суруналыыстар, абыранныбыт. Ханна да сырыттарбыт, салалтабытын, кэллиэгэлэрбитин кытта өрүү билсэбит. Батсааптан интэриэһинэй матырыйаал тиэмэтин булабыт эбэтэр наадалаах дьон биһигини бэйэлэрэ булан, сонуннарын үллэстэллэр.

Аймахтар, кылааһынньыктар, соҕотох аҕалар, сылгыһыттар, иистэнэр-уһанар дьон, айар куттаах дьон… Ити курдук, араас интэриэстээх бөлөхтөрү төһө баҕарар холобурдуу туруохха сөп. Бу дьон, дьэ, “күннээтилэр”! Санааны хото үллэстэртэн ордук туох баар буолуой?

Ол эрээри… “Солом суох”, — диир киһи элбээтэ. Тоҕото биллэр. Киэһэ үлэттэн кэлэн, өрөбүл күҥҥэ сарсыардаттан эбиэккэ диэри, “аҕыйах чаас” батсаабы көрө түһээри, инстаграмҥа сыыйа көһүү – туох барыта умнулуннаҕа ити.

Онон үгүспүтүн социальнай ситим хабалаҕа ылан, сотору кэминэн босхолуура саарбахтанна быһыылаах…

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0