2018 сылга социальнай өҥөнү оҥоруу сорох чааһын коммерческайа суох тэрилтэлэргэ сүктэриэхтэрэ. 2018 сылга судаарыстыба социальнай өҥөнү оҥоруу 10 %-нын чааһынай дьоҥҥо уонна уопсастыбаннай түмсүүлэргэ биэриэхтээх.
Онон бу тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин үөрэтии салҕанар. Сыл саҕаланыаҕыттан 4 үөрэтэр киин тэриллэн, семинардары ыыталлар, сокуон, быраап өттүнэн сүбэ-ама биэрэллэр, араас куонкурустарга кыттарга көмөлөһөллөр.
Кэлэр сылтан уопсастыбаннай түмсүүлэргэ анаммыт, судаарыстыба бүддьүөтүттэн бэриллэр граннар кээмэйдэрэ улаатыа диэн гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы миниистирэ Сардаана Гурьева иһитиннэрэр. Нуорма-быраап өттүнэн докумуоннар оҥоһуллан, бүтэн эрэллэр. Саамай сүрүнэ, социальнай өҥөнү оҥоруу төһө элбэҕэр буолбакка, хаачыстыбатыгар болҕомто ууруллар.
Судаарыстыба чааһынай дьону кытары бииргэ үлэлэһиитэ былырыыҥҥыттан күүскэ саҕаламмыта. Дьокуускай куоракка, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар эксперимент быһыытынан 3 предпринимательгэ кырдьаҕастары дьиэлэригэр баран көрүү-харайыы өҥөтүн биэрбиттэрэ. Кинилэр 270 киһини көрүүнү бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр ылбыттара.
Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 119 социальнай өҥөнү оҥорооччу: 100 судаарыстыбаннай тэрилтэ, 9 предприниматель, 3 уопсастыбаннай түмсүү баар.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.