Социальнай үлэһит күнэ бэлиэтэнэр

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 19 күнүгэр Социальнай үлэ аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн быйылгы сүрүн тиэмэтэ – “Дьон сыһыанын суолтатын үрдэтии”.


Бу бэлиэ күҥҥэ социальнай үлэһиттэр бииргэ түмсэн, үлэ түмүгүн, ситиһиилэрин бэлиэтииллэр уонна уопсастыбаҕа киллэрэр кылааттарын суолтатын кэпсииллэр.

Дьокуускайга бу күннэргэ Саха сирин бары улуустарыттан кэлэн, национальнай бырайыактары олоххо киллэрии, тирээн турар сыал-сорук туһунан кэпсэтиэхтэрэ, үөрүйэхтэрин  атастаһыахтара.

“Бэлэмэ суох, мээнэ киһи социальнай үлэһит буолбат. Кини сүрэҕин баҕатынан дьоҥҥо көмөлөһөр, дьон олоҕун тупсарар соруктаах. Аламаҕай майгылаах, үтүө санаалаах, тулуурдаах, дьону кытта тапсар эрэ киһи социальнай үлэһит буолар. Барыгытын бырааһынньыкпытынан, сааскы сырдык күнүнэн эҕэрдэлиибин. Үлэҕит үтүө түмүктээх, ситиһиилээх буоллун, чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Биһиги улахан тулуурдаах, элбэх билиилээх уонна үчүгэй, кытаанах доруобуйалаах буоллахпытына эрэ, дьон туһугар ис сылааспытын үллэстэр үлэбит таһаарыылаах буолуоҕа. Ол иһин хас биирдиигитигэр тулууру, элбэх билиини, чөл буолууну баҕарабын!” – диэн СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова эҕэрдэлээтэ.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0