Социальнай үлэһиттэргэ эбии төлөбүр бэриллиэ

12.05.2020
Бөлөххө киир:

Владимир Путин кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр, социальнай үлэһиттэргэ болҕомто ууруллуохтаах диэн эттэ.

edersaas.ru

— Социальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ медиктэри кытта тэҥҥэ коронавируһу утары охсуһууга кылааттарын киллэрэллэр. Ханнык да түгэҥҥэ дьиэҕэ да сылдьан кырдьаҕастары көрөллөр-истэллэр, бүөбэйдииллэр, — диэн кини эттэ.

Ол курдук, муус устар ыйтан от ыйын 15 күнүгэр диэри федеральнай төлөбүрдэр олохтоноллор.

  • Социальнай тэрилтэлэргэ үлэлиир быраастарга икки нэдиэлэлээх симиэнэҕэ – 40 тыһыынча солкуобай (коронавирустаах ыарыһахтары кытары быһаччы үлэлиир буоллахтарына – 60 тыһыынча солкуобай);
  • орто медперсоналга, тэрилтэ салалтатыгар уонна социальнай үлэһиттэргэ – 25 тыһыынча солкуобай (35 тыһыынча солкуобай);
  • алын медперсоналга – 15 уонна 20 тыһыынча солкуобай;
  • техүлэһиттэргэ – 10 уонна 15 тыһыынча солкуобай.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0