Социальнай хантырааҕы 5 тыһыынча киһи, ыал ылыаҕа

Бөлөххө киир:

2022 сылга социальнай хантыраак көмөтүн 5 тыһыынчаттан тахса кыаммат ыаллар, үлэтэ суох дьон ылыахтара. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко улуус баһылыктарыгар онлайн көрүҥүнэн ыыппыт мунньаҕар үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.

Үлэтэ суох хаалбыт, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо социальнай хантыраак быһыытынан судаарыстыба көмөтө дохуоттарын үрдэтэллэригэр, бэйэ дьыалатын арынан, атахтарыгар туралларыгар, хаһаайыстыбаларын сайыннаран, астаах-үөллээх, дьарыктаах буолалларыгар улахан суолталаах. Дьон бэлэм харчыны кэтэһэн олорбокко, бу көмөнү туһанан, бэйэлэрэ үлэлээн-хамсаан, дьадайыыттан тахсалларын ситиһэбит, — диэн кини эттэ.

Социальнай хантыраак көмөтүнэн үөрэниэххэ, эбэтэр, иккис идэ ылыахха сөп. Ону тэҥэ, үлэ булбут кэннэ, үс ый устата көмө эмиэ оҥоһуллар. 2021 сылга 188 киһи үлэ булбута, 100 киһи хос үөрэнэн, саҥа идэ ылбыта.

Быйылгыттан көмө саҥа хайысхата баар буолла – 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо анал бырагыраама үлэлээтэ.

Бу иннинэ Ил Дархан социальнай хантыраак кээмэйин улаатыннарарга сорудахтаабыта. Онон бэйэ дьыалатын арынарга көмө суумата 300 тыһыынча солкуобайга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга – 250 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ.

Социальнай хантырааҕы ким ылыан сөбүй? Соҕотох олорор киһи, эбэтэр дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, бэриллэр.

2021 сылга 5044 социальнай хантыраакка илии баттаспыттар, ол иһигэр: 381 – үлэни көрдүүргэ, 1419 – кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга уонна бэйэ дьыалатын арынарга, 3244 – ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмө быһыытынан бэриллибит.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0