Социальнай хантараак кимиэхэ, туохха бэриллэрий?

Ааптар: 
02.02.2022
Бөлөххө киир:

Социальнай хантараак уонтан тахса сыллааҕыта киирбитин, бүддьүөттэн көрүллэрин итиэннэ кээмэйэ эбиллэрин миниистир Елена Волкова иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Былырыыҥҥыттан үлэ көрдөөһүнүнэн эбии саҥа хайысха киирбит. Ол эбэтэр, үлэ көрдүүр дьон судаарыстыбаннай социальнай көмө иитинэн социальнай хантараакка олоҕуран туһааннаах көмөнү туһанар кыахтаахтарын эттэ. “Тустаах хайысханан үөрэнэллэригэр көмө ылыахтарын сөп. Бу киһи  үлэ көрдөөһүн хайысхатынан социальнай хантараак түһэристэҕинэ, үөрэнэр кэмигэр материльнай көмө төлөнөр. Үлэҕэ киирэр былааннаах тэрилтэтигэр холонон көрөр быраактыканы (стажировка) барарыгар, үөрэнэр кэмигэр истипиэндьийэ төлөнөр. Өскөтүн социальнай адаптация бырагырааматынан бары түһүмэххэ (обучение, переобучение, стажировка…) холонор түгэнигэр өйөбүл суумата 300 тыһ. солк. диэри тиийиэн сөп”, — диэн СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир Елена Волкова быһаарда.

Үгэс быһыытынан бэйэ дьыалатын тэриниигэ, тус хаһаайыстыба хайысхатын сайыннарарга көмөлөһөр, итиэннэ ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэҥҥэ социальнай хантараак быһыытынан өйөбүл оҥоһуллар. Бу хайысхаларга социальнай адаптация бырагыраамата толоруллар уонна хардарыта эбээһинэс суруллар.

“Ил Дархан сорудаҕар сөп түбэһиннэрэн, тус көмө хаһаайыстыбаны сайыннарыыга көмө суумата быйыл икки төгүл үрдүөҕэ уонна 200 тыһ. солк. диэри тиийиэҕэ”, — диэн иһитиннэрдэ.

Ону таһынан, маникюрга үөрэнэллэригэр хантараакка сайаапка эмиэ биэриэхтэрин сөп диэн эттэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: stupino.msr.mosreg.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0