Социальнай хантараак көмөтүнэн бэйэ дьыалатын тэриннилэр

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан,  үлэтэ суох,  кыаммат   дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах  социальнай хантараакка олоҕуран  судаарыстыбаннай социальнай көмө үбүлээһинэ 72 мөл. солк. улаатта. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ  уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Ол курдук бэйэ дьыалатын арынан, урбааны сайыннарааччыларга көмө кээмэйэ 250 тыһ. солкуобайтан  300 тыһ. солкуобайга диэри улаатыаҕа. Кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ  250 тыһ. солкуобайга диэри үрдээтэ.

Сыл аайы тыһыынчаттан тахса ыал, соҕотох олорор дьон маннык көмөнөн туһаналлар. Холобур, урбаанньыт  Анастасия Сергеева социальнай көмө харчытыгар маникюрнай кэбиниэт тэрилин атыыласпыт.  Онон үлэтэ суох дьахтар бэйэтэ дьоҕус дьыала тэринэн, билигин бастайааннай килийиэннэрэ элбээбит.

Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ  Алена Морозова Хаандыгаҕа аһы-үөлү дьиэҕэ тиэрдэн биэрии өҥөтүн арыйбыт. «Социальнай хантараак туһунан истээт, тута докумуоннарбын хомуйсан барбытым.  Социальнай харыстабыл управлениетыгар сүбэ-ама ылан, докумуоннарбын барытын туттарбытым, ол кэннэ сөбүлэҥ ылан, счеппар харчыбын ыыппыттара.  Ол харчынан ас астыыр оһох атыыласпытым», — диэн эдэр урбаанньыт кэпсээтэ.

Элбэх оҕолоох  Ольга Жиркова социальнай хантараак көмөтүнэн кейтеринговай өҥөнү  оҥорор буолбут.

Онон аҕыйах сылтан бэттэх үлэлиир социальнай хантараак тыһыынчанан дьоҥҥо, ыалга бастакы хардыыны оҥорон, атахтарыгар туралларыгар көмөлөстө.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0