Социальнай хантараак көдьүүһэ

Ааптар: 
03.07.2022
Бөлөххө киир:

РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэллээх буолууга министиэристибэтин демографияҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр департаменын дириэктэрэ Андрей Галкин Саха сиригэр ыалдьыттаата. Манна социальнай хантараагынан үлэ хайдах ыытылларын кэлбит ыалдьыттар билистилэр.

Элбэх оҕолоох ийэ, иистэнньэҥ Агафья Смирникова бэйэ дьыалатын тэринэргэ анаан судаарыстыбаттан былырыын 250 тыһ. солк. ылбыт уонна ииһин саҕалаабыт. Элбэх оҕолоох ыал аҕата Николай Аммосов уһанар мастарыскыай тэриммит уонна ураты миэбэллэри оҥорон таһаарыынан 2020 сылтан утумнаахтык дьарыктанар. Галина Авраменко эмиэ ити курдук социальнай хантараак көмөтүнэн парикмахерскай арыйбыта дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыт. Эспиэрдэр  үлэни-хамнаһы көрөн-истэн, сиһилии билсэн баран, үрдүк таһымнаахтарын уонна манна олорор дьоҥҥо судаарыстыба көмөтө хайдах курдук тирэх, өйөбүл  буоларын бэлиэтээтилэр.

СӨ Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, социальнай хантараакка олоҕуран социальнай көмөнү оҥоруу кээмэйэ үрдээбитэ. Маннык көмөнөн судаарыстыбаттан ылан туһаныан баҕалаахтар олорор улуустарыгар социальнай управлениеҕа сайаапка биэрэн куонкуруска кытталлар. Түмүккэ быһаарыыны хамыыһыйа ылар. Социальнай хантараак дьиэ кэргэттэри, соҕотоҕун олорор дьону кытта түһэрсиллэр, бэйэ дьыалатын арыйарга, эбии хаһаайыстыбаны сайыннарарга күүс-көмө буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0