Социальнай хантараак бырагырааматыгар 255 мөл. ыытыахтара

28.02.2019
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр дьадайыыны утары охсуһар миэрэ быһыытынан социальнай хантараагы ааттаабыта. Манна Саха сирэ 2013 сылтан таһаарыылаахтык үлэлээбит уопутун киин бэчээккэ холобур быһыытынан аҕаллылар. Холобур, дойду биир бөдөҥ агентствота ССТА суруйда.


2013-15 сылларга барыта 2066 кыаммат ыалы, 1995 соҕотох олорор дьону кытта хантараак түһэрсиллибитэ. 2015 сылга 48 мөлүйүөн суумалаах 400 хантараак түһэрсиллибитэ.

2016 сылга 493 кыаммат ыалга көмө оҥоһуллубута. Тыа сирин сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн, көрүллүбүт үп-харчы 85%-на тыа сиригэр олорор дьоҥҥо, ыалга бэриллэр.

Оттон 2018 сылга 1292 дьиэ кэргэҥҥэ 199,9 мөл. солк. суумалаах хантараак оҥоһуллубута. Көмө орто кээмэйэ – 154 тыһ. солк. Бу харчыны төнүннэрбэттэр, отчуоттууллар эрэ. Барыллаан аахтахха, бэйэ дьыалатын арыйыыга — 47%, хаһаайыстыбаны тэриниигэ — 52,4% туһаммыттар.

Социальнай хантараак – судаарыстыбаннай көмө биир көдьүүстээх көрүҥэ. Кыра дохуоттаах дьоҥҥо “балыгы буолбакка, күөгүнү” биэрэр ньыма. Ол эбэтэр киһи балыгын сиэн бүтэрэн баран, сарсыҥҥы күнүттэн эмиэ аччыктаан барыа. Оттон күөгүлээх буоллаҕына, күн аайы балыктаан аһыаҕа. Киһи үлэлии үөрэнэр, көрдүү эрэ олорбокко, эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынар, дьиэ кэргэнигэр кыһаллара күүһүрэр.

Бырабыыталыстыба 2019 сылга кыаммат дьон уопсай ахсаанын 9,6 %-гар социальнай хантараагы түһэрсэр былааннаах. Онон бу сыл көмө улаатан, социальнай хантараак бырагырааматыгар 255 мөл. солк. көрүллүөҕэ.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0