Социальнай хантараагынан 5 тыһыынча ыал 520 мөлүйүөнү ылбыт

Ааптар: 
13.02.2022
Бөлөххө киир:

«Саха» НКИХ телерадиоканалларынан ситэриилээх былаас отчуоттууругар СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова социальнай хантараак туһунан кэпсээтэ.

«Социальнай хантараак – саамай туһанар миэрэбит. 2021 сыллаахха итинник көмөнөн биэс тыһыынчаттан тахса ыал туһаммыта. Барыта 520 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах көмө оҥоһуллубута», — диэн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Былырыын өссө эбии саҥа хайысха үлэҕэ киирбит — үлэ көрдөөһүнүгэр көмө. Билигин үлэ көрдүүргэр үөрэххэ, хос үөрэххэ материальнай көмө, үөрэх кэмигэр стипендия ылыаххын сөп. Ону тэҥэ киириэхтээх тэрилтэҕэр стажировка кэмигэр эмиэ материальнай көмө ананар.

Социальнай хантараак бэйэ дьыалатын арыйыыга, ону тэҥэ кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга туһуланар. «Быйыл Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан «кэтэх хаһаайыстыба» хайысханан бэриллэр төлөбүр кээмэйэ икки төгүл улаатта. Гражданнар бу хайысханан 200 тыһ.солк. тиийэ көмөнү ылыахтарын сөп», – диэн быһаарда Елена Волкова.

«Хантараагы түһэрсэргэ гражданин нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин территориальнай салаатыгар эбэтэр олохтоох салайыныы уорганыгар сайабылыанньа биэриэхтээх. Сайабылыанньаны көрөн баран, хамыыһыйа сөптөөҕүн быһаардаҕына, тустаах киһиэхэ ананан бырагыраама оҥоһуллар. Ол чэрчитинэн гражданин эбэһээтэлистибэ ылынан үбү-харчыны туһанар кыахтанар», — диэн миниистир хоруйдаата.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстабытын пресс- сулууспата

Мария Васильева хаартыската, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0