«Доруобуйа калейдоскоба» диэн соиальнай хайысхалаах марафон ыытыллар.
Чэбдигирии сылынан дьиэ кэргэни уонна оҕолору кытары үлэлэһэр социальнай хайысхалаах тэрилтэлэр уонна тулаайах, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору кытары үлэлиир организациялар өрөспүүбүлүкэҕэ «Доруобуйа калейдоскоба» диэн марафону тэрийэллэр. Манна тэрилтэ үлэһиттэрэ, төрөппүттэр уонна оҕолор кытталлар. Бу туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Коронавируһунан ылыныллыбыт хааччахтыыр миэрэлэринэн, чөл олоҕу, бэйэ уонна оҕо доруобуйатыгар харыстабыллаах сыһыаны тарҕатар, оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыны көҕүлүүр, дьиэ кэргэн институтун суолтатын үрдэтэр соруктаах, онтон да атын хайысхалаах тэрээһиннэр тэрилтэлэринэн ыытыллаллар.
Төрөппүттэргэ уонна оҕолорго анаан өй-санаа, уйулҕа бөҕөргүүрүгэр туһуламмыт дьарыктар, социальнай эйгэҕэ адаптацияланыы, о.д.а. дьарыктар боллҕомтону ылаллар. Тэрээһиннэр араас киэбинэн ыытыллаллар. Ол курдук оонньуур, билэр-көрөр, спортивнай күрэс, флэшмоб, челлендж, квест-оонньуу, «көрдөөх стартар», айылҕаҕа сынньалаҥ, иитии-үөрэтии чааһа, физкульт-эрчиллии, экскурсиялар уонна да атыттар болҕомтону улаханнык тартылар. Гигиенаҕа, тымныйыыттан харыстаныыга, чэбдигириигэ анаммыт дьарыктары быраастар анаан ыыталлара сэргэхсийиини таһаарар.
Тэрээһини ыытыыга 150-тан тахса организация социальнай партнер уонна бэпэчиитэл быһыытынан кытынна. Бу туһунан youtube ханаалга уонна тэрилтэлэр инстаграм-аккауннарыгар киллэриллэр.
«Доруобуйа калейдоскоба» марафоҥҥа билиҥҥи туругунан барыта 2985 киһи кытынна. Итинтэн 1897 оҕо, 1088 төрөппүт. Тэрээһиннэр улуустарынан, куораттарынан сыл бүтүөр диэри салҕаналлар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1