Дьокуускай куоракка баар социальнай хааччыйыы стационардарыгар – интэринээт дьиэлэргэ олорор дьону толору “изоляция” эрэсиимигэр көһөрдүлэр. Кинилэртэн үгүстэрэ 60 саастарын ааспыт дьон, доруобуйаларын туруга да үчүгэй диир кыах суох.
Аан дойду үрдүнэн коронавирус эпидемията бүрүүкээн, кулун тутар бүтүүтэ Ил Дархан Айсен Николаев сааһырбыт дьону ханна да сылдьыбакка, дьиэҕэ хааччахтанан олорорго ыҥырбыта. Онтон бу быһаарыныыны өрөспүүбүлүкэ коронавирус тарҕаныытын бохсор оперативнай ыстааба ылыммыта. Коронавирус үксүгэр сааһырбыт, иммунитеттара мөлтөөбүт дьоҥҥо ордук кутталлааҕа биллэр. Онон бу миэрэ сааһырбыт дьон доруобуйаларын, олохторун харыстааһын буолар.
Интэринээт-дьиэлэргэ “изоляцияҕа” олорор кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ социальнай өҥөлөр толору оҥоһуллаллар. Сорох үлэһиттэр хаалан, ханна да тахсыбакка эрэ, уочаратынан күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр. Кинилэр итиннэ олорон аһыыллар, утуйаллар, үлэ-сынньалаҥ эрэсиимин тутуһаллар. Сорох үлэһиттэр дьиэлэриттэн олорон үлэлииллэр. Бары харыстанар ньымалары туһаналлар.
Бу тэрилтэлэргэ билигин 737 киһи олорор. Уустук кэми этэҥҥэ аһаралларыгар баҕарабыт!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ.