Социальнай эйгэ: 2 бырыһыаннаах ипотека

Бөлөххө киир:

2%-наах ипотека быйылгыттан бэриллэр буолла. РФ Бырабыыталыстыбата эһиил бу сыалга анаан 10-15 миллиард солкуобайы ыытыахтаах. Чэпчэтиилээх ипотеканы кимнээх ылар кыахтаахтарый?

Аҕыйах сыллааҕыта, 15-17 %-наах ипотека саҕана, маннык үчүгэй усулуобуйа олоххо киириэ диэн түһээн да баттаппат этибит. Арай, 2-3 %-наах ипотекалаахтар диэн, атын омук дойдуларын олохтоохторугар ымсыырарбыт. Ол эрэн, билигин да киһи барыта маннык усулуобуйанан туһанар бырааба суох. “Уһук Илин гектарын” ылбыт эбэтэр 35-гэр диэри саастаах эдэр ыал ылар кыахтаахтар. Чэ, оттон, эдэрдэр тустарыгар үөрэр буоллахпыт.

Уһук Илини сайыннарар сыаллаах

Уһук Илин эрэгийиэнин сайыннараары, 2012 с. анал министиэристибэни тэрийбиттэрэ. Элбэх миэрэ ылыллар, үп-харчы көрүллэр да, эрэгийиэн нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйыы турар. Холобур, Приморскай кыраайга тутуу үчүгэйдик барбат, эдэр дьон киин сиргэ көһөр дьүккүөннээхтэр.

2016 сылтан “гектары” 78 тыһыынча киһи ылбыт. Бу дьон ылбыт учаастактарыгар сүрүннээн дьиэ тутталлар (54%), эбэтэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар (23%). Ону тэҥэ туризмы сайыннараары, сынньалаҥ сирдэрин оҥороору ылаллар эбит. Кинилэр билигин дьиэ тутталларыгар бу бырагыраама улахан өйөбүл буолуоҕа.

Ол эрээри, “гектар” ыллым да, дьиэ-уот туттуом диир уустуктардаах. Тоҕо диэтэр, суола, уота сиргэ ылбыт буоллаххына, дьиэ туттарыҥ күчүмэҕэйдээх. Оннооҕор элбэх оҕолоох ыалларга биэрбит сорох учаастактара инфраструктурата суох буолан, таах тураллар. Оттон дьыала арыйан үлэлэтэргэ бастакы үп-харчы наада.

Бу “гектарга” дьиэ туттубутуҥ да иһин, кэлин учаастаккын атыылыыр быраабыҥ суох, ол эбэтэр дьиэҕин эмиэ. Арай, саҥа тутуллар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн атыылаһар эдэр ыалларга туһалаах буолара саарбаҕа суох.

2 %-наах ипотека эдэр ыаллары өйүүр уонна Уһук Илин эрэгийиэнин нэһилиэнньэтин элбэтэр сыаллаах. Төрөөбүт дойдуларыгар дьиэлэнэн-уоттанан баран, эдэрдэр атын сиргэ көһө сатыахтара суоҕа диэн. Ону тэҥэ, көмөҕө наадыйан, атын да эрэгийиэннэртэн Уһук Илиҥҥэ көһөн кэлэллэригэр эрэл баар. Эдэр дьоҥҥо дьиэ-уот диэн тыын боппуруос буоллаҕа. Үсүһүнэн, тутуу эйгэтэ сэргэхсийиэхтээх.

Саха сирин олохтоохторугар бу бырагыраама сэтинньи-ахсынньы ыйдартан үлэлиэн сөп. Атын эрэгийиэннэртэн кэлээччилэргэ 2020 сылтан үлэлээн барыахтаах.

Ил Дархан көҕүлээһинэ

Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев балаҕан ыйын саҥатыгар буолбут Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа 2%-наах ипотека бырагырааматын киллэрэр туһунан этии киллэрбитэ. Ону иилэ хабан ылан, Владимир Путин: “Бырагыраама 2019 сылтан үлэлээн барыа”, — диэн эрэннэрбитэ. Билиҥҥитэ, усулуобуйатын, ирдэбиллэрин оҥоро сылдьаллар.

“Бу идиэйэ олоххо киирдэҕинэ, эдэр каадырдар киин сиртэн манна (Уһук Илиҥҥэ) үлэлии кэлэн баран, олохсуйан хаалыах этилэр. Олохтоох ыччат төрөөбүт-үөскээбит сириттэн-уотуттан барыыта эмиэ тохтуохтаах. Киһи кыаҕын туһаныыга ити хамсааһын көдьүүстээх буолуоҕа. Судаарыстыбаннай сэбиэт мунньаҕар этиилэрбитин Бэрэсидьиэн өйөөбүтүттэн, тута Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбититтэн үөрэбин”, — диэн Айсен Сергеевич этэр.

 

Кимнээх ылалларый?

2 %-наах ипотека усулуобуйата:

Болдьоҕо – 20 сылга диэри.

Муҥутуур суумата – 5 мөл. солк. диэри.

Бастакы усунуос — 10% (баҕар, бастакы усунуоһа суох буолуоҕа, бу боппуруос быһаарылла сылдьар).

Кимнээх ылаллара – “Уһук Илин гектара” бырагыраама кыттыылаахтара уонна 35-гэр диэри саастаах эдэр ыал (кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ да 35-һин туола илик буолуон сөп).

Дьиэ көрүҥэ – саҥа тутулла турар элбэх кыбартыыралаах дьиэ эбэтэр чааһынай дьиэни туттуу.

Бырагыраама үлэлиир болдьоҕо – 5 сыл (баҕар, уһатыахтара).

Үбүлээһин суумата – 15 миллиард солкуобай (бу сылга 8 тыһыынча ыал ылар кыахтаах).

Бырагыраама усулуобуйата оҥоһулла сылдьарынан, ирдэбилгэ эдэр ыал хас оҕолоох буолаллара биллибэт. Демографическай балаһыанньаны тупсарар сыаллаах буоларынан, баҕар, ыал хас эрэ оҕолоох буолуохтаах диэн ирдэбил күөрэйиэн сөп. Аны туран, урут ылыллыбыт ипотека кирэдьиитин бырыһыана хос ааҕыллара (рефинансирование) эмиэ биллибэт.

Үбүлээһин Уһук Илини сайыннарыы пуондатын нөҥүө барар. Ол кэнниттэн эрэгийиэннээҕи ипотечнай агентстволарга түһэр. Салгыы бааннар үлэлэһэллэр.

Ирдэниллэр докумуоннар:

  • Пааспар, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ.
  • Дохуоту мэктиэлиир докумуоннар.
  • Сир учаастагын докумуоннара.
  • Тутуу көҥүллэнэрин туһунан докумуоннар, смета (дьиэ туттар буоллахха).
  • Баан өссө атын докумуоннары ирдиэн сөп.

Бааннар сүтэрэллэрэ суох

Билигин 2018 сыл кэнниттэн иккис оҕолоро төрөөбүт ыал “дьиэ кэргэн ипотекатынан” чэпчэтиилээх, 5-6 %-наах кирэдьиити ылар кыахтаах. Ханнык бааннар хас бырыһыаҥҥа биэрэллэрий? Ол бу табылыыссаттан көстөр.

         Баан Саҥа тутуллар дьиэҕэ кирэдьиит биэрии Хос кирэдьииттээһин

(перекредитование)

     Муҥутуур суума (мөлүйүөн солкуобай)    Бырыһыана
Росбаан Баар Баар 8 062 6
ВТБ Баар Баар 106 726 5
Сбербаан Баар Суох 171 205  5
Газпромбаан Баар Баар 22 006 4,9
Россельхозбаан Баар  Баар 20 145 4,7
Райффайзенбаан Баар Баар 12 807 5,69
Совкомбаан Баар Суох 8 538 6

Билигин 2 %-наах ипотеканы биэрии бырагыраамата үлэлии илик буолан, бааннар комментарий биэрэртэн аккастаналлар. Бу сыл бүтүүтэ, кэлэр сыл саҕаланыыта кыра бырыһыаннаах кирэдьииттэри биэртэлээн барыахтара.

Бааннар тоҕо маннык кыра бырыһыаҥҥа сөбүлэһэллэрий? Тоҕо диэтэр, кинилэр сүтэрэллэрэ суох. Бырабыыталыстыба бааннарга билигин үлэлии турар ыстаапка уонна 2 % араастаһыытын субсидия быһыытынан төлүүр. Онон маннык ипотеканы ылыы бэрээдэгэ атын кирэдьиити ылартан уратыта суох.

Төһө барыстааҕый?

2% уонна 10 % ипотеканы тэҥнээн көрүөҕүҥ.

Билигин бааннар дьоҥҥо сүрүннээн 10 %-нааҕы биэрэллэр. Эдэр ыал биир хостоох кыбартыыраны 3 500 000 солк. атыылаһар. Ийэ хапытаалын – 453 000 солк. бастакы усунуос курдук угар. Ол уопсай сууматтан көҕүрүүр.

Суумата – 3 047 000 солкуобай. Аннуитетнай төлөбүр.

Ыйга төлүүр суумата – 29 404 солк.

20 сылга барыта 7 057 010 солкуобайы төннөрүөхтээх. Ол эбэтэр, 4 010 010 солкуобайы аҥаардас бырыһыаныгар төлүүр.

Онтон 2%-наах ипотеканы ылан көрүөҕүҥ.

Суумата – 3 047 000 солкуобай. Аннуитетнай төлөбүр.

Ыйга төлүүр суумата – 15 414 солк.

20 сылга барыта 3 699 424 солкуобайы төннөрүөхтээх. Ол эбэтэр, 652 424  солкуобайы бырыһыаныгар төлүүр.

10% ипотека – 20 сылга  2 % ипотека – 20 сылга
Суумата: 3 047 000 солк. 3 047 000 солк.
Ыйга төлүүр суумата: 29 404 солк. 15 414 солк.
Түмүк суумата: 7 057 010 солк. 3 699 424 солк.
Бырыһыанын төлөбүрэ (переплата): 4 010 010 солк. 652 424 солк.

Таблицаҕа көстөрүн курдук, ипотека бырыһыанын кыччааһына олус улаханнык дьайар эбит. 20 сылга ылбыт суумаҕын таһынан, 4 мөлүйүөнү эбии төлүүгүн дуу, 652 тыһыынчаны дуу? Ыйдааҕы төлөнөр суумата эмиэ икки төгүл араастаһар эбит. Эдэр ыал ый аайы 29,4 тыһыынчаны ууран биэрэрэ ыарахаттардаах. Оттон 15,4 тыһыынчаны төлүөн сөп. Онон бу 2 %-наах ипотека эдэр ыаллар дьиэлэнэллэригэр улахан төһүү күүс буолара күүтүллэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Дьон санаата

Ираида Коркина, эдэр ыал ийэтэ:

— Эдэр ыалларга маннык бырагыраама эрдэттэн киирбитэ буоллар диэҕи баҕарыллар. Биһиги эрдэ кирэдьииккэ киирэн, дьиэ туттубуппут. Ол да буоллар, билигин уустук соҕус кэмҥэ маннык баар буолбута олус үчүгэй. Элбэх ыал саҥа дьиэлэниэхтэрэ, төрүөх элбиэҕэ, эдэр дьон кыһалҕалара аҕыйаан, этэргэ дылы, кыыһырсаллара, арахсаллара да аҕыйыа этэ дии саныыбын. Аны сотору кэминэн тоҕооһо суох, ороскуоттаах диэн сабан кэбиспэттэрэ буоллар.

Владимир Ю, юрист:

— Эдэр ыал кыра бырыһыаҥҥа дьиэлэнэрэ үөрүүлээх дьыала. Бу Ил Дархаммыт улахан ситиһиитэ дии саныыбын. Бу бырагырааманы өйүүбүн, ол гынан баран, “Уһук Илин гектарынан” учаастак ылбыт дьон коммуникациялара суох сиргэ хайдах дьиэ туттуохтарай? Суола-ииһэ, уота суох сиргэ дьиэ туттубат буоллаҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0