Социальнай эйгэ: 125 солкуобайынан үрдэттилэр

Бөлөххө киир:

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин үрдэттилэр. Онон 2020 сылга бу кээмэй 14 076 солкуобайга тэҥнэһиэ, ол эбэтэр 125 солкуобайынан үрдэттилэр.

Бу туһунан сокуон барылын, Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар куоластаан, бастакы ааҕыытыгар ылыннылар. Сүрүн дакылааты Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина аахта.

Билигин федеральнай сокуон уларыйда, “бары эрэгийиэннэр үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтуур туһунан сокуоннарын балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри ылыныахтаахтар” диэн соһуччу сорудах кэллэ, — диэн кини быһаарда.

Саха сиригэр 270 тыһыынча биэнсийэлээх баар. Олортон 38 тыһыынча кэриҥэ үлэлээбэт биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах биэнсийэни ылар. Үксүгэр ыстаастара тиийбэтэх дьон кыра кээмэйдээх социальнай биэнсийэҕэ тахсаллар. Бу үрдээһин сүрүннээн кинилэри өйүүр сыаллаах. Сокуон быһыытынан, биэнсийэлээхтэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах биэнсийэни ылыа суохтаахтар. Бу кээмэйгэ тиэрдэр туһуттан эрэгийиэн эбии социальнай төлөбүрү көрөр.

Атын эрэгийиэннэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биир буоллаҕына, Саха сиригэр – Арктика оройуоннарыгар уонна киин улуустарга – тус-туспа кээмэй олохтонор.

 Бастакы зонаҕа (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай, Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай  куорат) – биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйэ 17 011 солкуобайга тэҥнэһэр.

Иккис зонаҕа (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, УусМайа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай к.) – 14 076 солкуобай.

Бу сокуон ылыллыбытын кэннэ, эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүр саҥаттан ааҕыллар. Төлөбүр орто кээмэйэ – 4380 солкуобай. 2020 сылга эбии төлөбүргэ 2 миллиард солкуобай көрүллүөхтээх, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 521 тыһыынчы солкуобай. Ол эбэтэр 75 %-нын федеральнай,  25% — нын өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөт биэрэр.

Кэлэр сылтан федеральнай бүддьүөттэн 92 %-на, өрөспүүбүлүкэттэн    8%-на төлөнөр буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ордубут суума социальнай көмөҕө барыаҕа.

Барыллаан ааҕыынан, социальнай биэнсийэҕэ эбии төлөбүргэ 2 миллиард солкуобай, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 521 мөлүйүөн солкуобай ороскуоттаныахтаах.

“Туһанааччы корзинатын” хос көрүү 

Сүрүн дакылаат кэнниттэн норуот дьокутааттара сокуон барылын ырытыстылар. Холобур, “туһанааччы корзинатын” кээмэйин үрдэтэр туһунан боппуруоһу көтөхтүлэр. Бу олох олорорго саамай наадалаах табаардар, бородуукталар, өҥөлөр “корзиналарын” кээмэйэ 2013 сылтан үрдүү илик эбит. Онон нэһилиэнньэ билиҥҥи наадыйыытын толуйбат. Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Максим Топилин 2021 сылтан “туһанааччы корзинатын” кээмэйин үрдэтиэх буолан эрэннэрбит. “Элбэх эти, балыгы, үүт аһы, оҕуруот аһын, фруктаны эбиэхпит, углеводтаах бородуукталары көҕүрэтиэхпит”, –  диэн эппитэ.

Билигин үлэлиир кыахтаах киһи “корзинатыгар” сылга 126 киилэ куруппа уонна бурдук ас, 58 киилэ эт, 290 киилэ үүт ас, 18,5 киилэ балык, 114 киилэ оҕуруот аһа, 60 киилэ фрукта киирэ сылдьар. Ол эрээри бу 2013 сылтан бородуукта сыаната үрдээбитэ саарбаҕа суох.

Ольга Балабкина этэринэн, “корзина” 5 чаастан турар, 2 чааһын эрэгийиэн бэйэтэ олохтуон сөп. “Бу чаастары үрдэтэргэ үлэлэһиэхпит”, — диэтэ. Кини “корзина” кээмэйин үрдэтэргэ Ил Түмэн дьокутааттара көҕүлээбит сокуоннарыгар үлэлэһэргэ бэлэмин биллэрдэ.

Саҥа сокуон барылын оҥоруохтара

        Мииринэй уокуругун дьокутаата Сергей Никонов “туһанааччы корзинатын” олохтуурга ыраах-чугас сытар улуустары, онно сыана ыараханын учуоттуурга ыҥырда. Холобур, Ленскэй оройуонугар табаары чааһынай дьон эрэ аҕалаллар. Кинилэр үрдүк хамнастаах вахтовиктарга туһаайан үлэлээн, сыананы олус үрдэппиттэр. Тыһыынчанан ахсааннаах вахтовиктар кэлэн, маҕаһыын табаарын “көһөрөн” бараллар үһү. Оттон Чокурдаахха килиэп сыаната – 100 солк., үүт – 130 солк., эт – 650 солк., помидор – 480 солк., хортуоска – 280 солк.

Экэнэмиичэскэй, инвестиционнай, бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Павел Петров:Арктика түөлбэтигэр киирсэр улуустары элбэтиэххэ сөп дуо?” – диэн ыйытта. Ольга Балабкина” “Тустаах сокуону хос көрүөххэ сөп”,  – диэн хоруйдаата. Павел Петров Парламент доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ, дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтигэр 2020 сыл бастакы кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйин уонна “туһанааччы корзинатын” туһунан сокуон барылын оҥорорго этии киллэрдэ. Бу сокуон барылыгар ыраах сытар улуустар балаһыанньалара, сыана ыарахана барыта учуоттаныахтаах.

Вице-спикер Виктор Губарев КПРФ тиийинэн олоруу алын кээмэйин 25 тыһыынча солкуобайга тиийэ үрдэтиэххэ диэн этиитин өйүүргэ ыҥырда. “Оччоҕо хотугу бырыһыаннара, коэффициеннара эбиллэн, Арктикаҕа биэнсийэ 60 тыһ. солк. тиийиэ этэ, ол дьиҥнээх сыанаҕа эппиэттэһэр”,  – диэн эттэ. Кини бу боппуруоһу куоластааһыҥҥа туруорбутун, дьокутааттар утары куоластаатылар. Биэнсийэ буолуоҕунааҕар, үгүстэр хамнастара да бу суумаҕа тиийбэт, онон олоҕо суох этии диэтэхтэрэ.

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ дьадайыыны утары ылыллар миэрэлэр тустарынан Парламент истиилэрэ буолуохтаах.

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева дьадайыыны утары охсуһууга улуустар, наука бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах хамыыһыйаны тэрийэргэ этии киллэрдэ. Ону дьокутааттар сөбүлэстилэр. Арктика түөлбэтигэр доруобуйа харыстабылын уонна үөрэҕирии эйгэтигэр сарбыйыыга бобуу (мораторий) киллэрэр туһунан туруоруста.

“2020 сылга социальнай биэнсийэни олохтуурга биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйин олохтуур туһунан” сокуон барылын дьокутааттар бастакы ааҕыыга ылыннылар.

Сыыппара

2 млрд. солк. — социальнай биэнсийэҕэ эбии төлөбүргэ, ол иһигэр:

521 мөл. солк. — өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ороскуоттаныахтаах.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0