Социальнай биэнсийэ үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр олунньуттан 8,6% индексацияламмыт биэнсийэни ылбыттара. Ону тэҥэ, тохсунньутааҕы биэнсийэ индексациятын араастаһыыта (5,9% оннугар 8,6%) эмиэ төлөммүтэ. Бу төлөбүрдэр сайабылыанньата суох оҥоһуллубуттара, пуондаҕа барыы ирдэммэт этэ.

Муус устар 1 күнүттэн судаарыстыбаннай биэнсийэнэн хааччыйыы биэнсийэтэ 8,6% индексацияланна. Биэнсийэни тиэрдии кыраапыгынан төлөнө турар.

Бу үрдээһин Арассыыйа үрдүнэн 4 мөлүйүөн биэнсийэлээҕи, ол иһигэр 3,3 мөлүйүөн социальнай биэнсийэлээҕи таарыйар. Холобур, социальнай биэнсийэни үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьон, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолор, инбэлииттэр,  уо.д.а. ылаллар.

Маннык үрдээһин сыл аайы буолар, холобур, былырыын социальнай биэнсийэ 3,4%, иллэрээ сыл 6,1% индексацияламмыта. Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн биэнсийэлээх тиийинэн олорор кээмэйигэр диэри эбии төлүүр.

Ону тэҥэ, судаарыстыбаннай хааччыйыы биэнсийэлэрэ эмиэ индексацияланаллар. Маннык биэнсийэни Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, “Блокадалаах Ленинград олохтооҕо”, “Төгүрүтүллүбүт Севастополь олохтооҕо” бэлиэлээх дьон, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт байыаннайдар, радиационнай, техногеннай саахалларга эмсэҕэлээбит дьон уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, уо.д.а. ылаллар.

Федеральнай бүддьүөттэн биэнсийэ индексациятыгар бу сылга 33,7 миллиард солкуобай тыырыллыбыт.

2022 сылга социальнай биэнсийэни индексациялааһын 7,7% буолуохтаах диэн былааннаммыта, ол эрээри муус устар 1 күнүттэн 8,6% үрдүүр диэн быһаарыыны ылыммыттара.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0