Социальнай биэнсийэ үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

Муус устартан социальнай биэнсийэ 6,1% үрдүөхтээх. Ол туһунан РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ. Маннык үрдээһин сыл аайы буолар, холобур, былырыын социальнай биэнсийэ 2,9% индексацияламмыта.

edersaas.ru

Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэни 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи ылар (ол иһигэр 3.2 мөлүйүөн киһи — социальнай төлөбүрдэри). Индексация уопсай ороскуота ыйга 2,41 миллиард солкуобайга тэҥнэһиэ.

Маны сэргэ, байыаннай сулууспалаахтар, сэрии бэтэрээннэрин, “Ленинград блокадатын кыттыылааҕа” бэлиэлээхтэр, радиацияҕа уонна да атын техногеннай саахалга эмсэҕэлээбиттэр биэнсийэлэрэ эмиэ үрдүөхтээх.

Социальнай биэнсийэни инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго, үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо (дьахталларга – 65, эр дьоҥҥо 70 саастарыттан ананар) биэрэллэр. Орто кээмэйэ – 9266 солкуобай.

Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн биэнсийэлээх тиийинэн олорор кээмэйигэр диэри эбии төлүүр. Ону ыларга булгуччу социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньа биэриэххэ наада.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0