Социальнай биэнсийэ муус устартан үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

Муус устартан социальнай биэнсийэ 3,4% үрдүөхтээх. Ол туһунан РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ бырайыак оҥорон, уопсастыбаннай истиигэ таһаарда. Маннык үрдээһин сыл аайы буолар, холобур, былырыын социальнай биэнсийэ 6,1% индексацияламмыта.

Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэни 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи ылар (ол иһигэр 3.2 мөлүйүөн киһи — социальнай төлөбүрдэри). Социальнай биэнсийэни инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго, үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо (дьахталларга – 65, эр дьоҥҥо 70 саастарыттан ананар) биэрэллэр.

Индексацияҕа анаан федеральнай бүддьүөттэн 12,8 миллиард солкуобай көрүлүннэ. Индексация түмүгүнэн, муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ кээмэйэ 10 183 солкуобайга тэҥнэһиэ (Арассыыйаҕа).

Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн биэнсийэлээх тиийинэн олорор кээмэйигэр диэри эбии төлүүр. Ону ыларга булгуччу социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньа биэриэххэ наада.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

Хаартыска: https://news.vtomske.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0