Социальнай биэнсийэҕэ эбии төлөбүр оҥоһуллуоҕа

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр биэнсийэлээххэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээн, өрөспүүбүлүкэҕэ ортотунан 15 438 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Онон социальнай биэнсийэни ылар, үлэлээбэт, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах 37 тыһыынча киһиэхэ эбии төлөбүр оҥоһуллуоҕа.

Ол курдук, биэнсийэлээххэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 1-кы зонаҕа — 18 383 солкуобайга, 2-с зонаҕа – 15 077 солкуобайга тэҥнэстэ. 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1372 солкуобайынан (108,1%) уонна 1357 солкуобайынан (109,9%) үрдээтэ.

Барыллаан аахтахха, 2021 сылга социальнай биэнсийэҕэ эбии төлөбүргэ 2,4 миллиард солкуобай (ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 2,2 миллиард солкуобай) үп көрүллүөҕэ.

Санатар буоллахха, социальнай биэнсийэ үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо, инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго, о.д.а. ананар. Саха сиригэр 28 тыһыынчаттан тахса киһи социальнай биэнсийэни ылар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0