Владимир Путин 2019 сыл ахсынньы 27 күнүгэр гражданнарга социальнай көмөнү иһитиннэрии туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Ол чэрчитинэн, социальнай көмө миэрэлэрин, чэпчэтиилэр, босуобуйалар тустарынан толору информацияны биир сиртэн ылыахха сөп буолуо. “Госуслуги” портал нөҥүө биир “колл-киин” үлэлиэ.
Бу “колл-киин” нүөмэригэр эрийэн, эйиэхэ туох көмө тиксиэн сөбүн билиэххэ сөп. Ону тэҥэ, быйыл күһүөрү РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ “ЕГИССО” (“Единая государственная информационная система социального обеспечения”) систиэмэҕэ тус кабинеттардаах бырагырааманы үлэлэтиэҕэ. Манна тус кабинеккар киирэн, ханнык эрэ түгэҥҥэ (оҕо төрөөтөҕүнэ, инбэлиит буоллахха, о.д.а.) туох көмөҕө тиксэргин билэҕин.
Билиҥҥи туругунан, “ЕГИССО” порталга ким-туох босуобуйаны, көмөнү ыларын туһунан информацияны эрэгийиэннээҕи да, федеральнай да тустаах уорганнар уга олороллор. Манна «социальнай калькулятор» үлэлиир, онон босуобуйа чопчу сууматын аахтарыахха сөп.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай көмөнү 300 тыһыынчаттан тахса киһи ылар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru