Бэҕэһээҥҥиттэн Дьокуускай куоракка «E-Yakutia-2017» регионнар икки ардыларынааҕы сибээс саҥа технологияларын сайыннарыыга конференция буола турар.
Ааспыт биэс сылга Саха сиригэр сибээһи уонна информационнай-иһитиннэрэр технологияны сайыннарыыга 12, 9 млрд солк тыырыллыбыта. Ити түмүгэр нэһилиэнньэ 99,3 %-на интернет ситимин туһанар кыахтанна. Түөрт сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 4 тыһ. килэмиэтир уһуннаах оптическэй утах тардыллан, нэһилиэнньэ 65 %-на сибээс өҥөтүнэн толору хааччыллан олорор. 2018 сыл бүтэһигин эргин нэһилиэнньэ 75 %-на оптиканан туһаныаҕа.
«Көрүллүбүт үбүнэн туох оҥоһуллубута, ситиһиллибитэ дьэҥкэтик көстөр. Сибээс инфраструктуратыгар инвестиция үрдээбитигэр, информационнай уопсастыбаҕа саҥа технологияны олоххо киллэрии үрдээтэ. Электроннай бырабыыталыстыба сайынна. Кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ спутниковай сибээһи сайыннарыыга болҕомто ууруллар. Ол курдук, кэлэр нэдиэлэҕэ «Космическая связь» ФГУП-тан ыалдьыттар кэлэллэрин күүтэбит. Итини тэҥэ, омук спутниктарын туһанары былаанныыбыт. Итиннэ сөптөөх үлэ барар. Онон аҕыйах сылынан спутнигынан сибээс лаппа тупсуоҕа. — диэн сибээс миниистирэ Александр Борисов кэпсээтэ.
Бу тэрээһин «Ростелеком» ПАУо үбүлээһининэн ыытыллар.
«Биһиги ыраах сытар нэһилиэктэр олохтоохторо саҥа технологиянан туһаналларыгар кыаҕы биэрэр сыаллаах-соруктаах үлэлэһэбит. Онно былаас уорганнара көмөлөһүөхтээхтэр.
Маныаха Саха сирин олохтоохторо сибээс өҥөтүн тупсарыыга, сайыннарыыга биһиги үлэбитин сэргииллэр, кэрэхсииллэр. Ол үлэлиир баҕабытын күүһүрдэр», — диэн «Ростелеком» «Умный дом» офис дириэктэрэ Дмитрий Гуртов санаатын үллэһиннэ.
Конференция үлэтигэр информационнай технологияны сайыннарыыга сыһыаннаах федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара, исписэлиистэрэ кыттыыны ылаллар. Саҥа технологияны олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлии сылдьар экспертэр маастар-кылаастары биэрдилэр, анал былаһааккаларга кытыннылар.
Александр ТАРАСОВ,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.