Киһи олоҕор ыксаллаах түгэн тирээн кэллэҕинэ, үксүгэр олус ыксыыр, уолуйар. “Суһал көмө” нүөмэрин да умнар, диспетчер ыйыттаҕына, мух-мах барар, биир сиргэ таба олорбот буолар.
edersaas.ru
“Суһал көмөнү” хайдах ыҥырар туһунан сүбэлэри «Суһал медицинскэй көмө станцията» ГБУ кылаабынай бырааһа Татьяна Андросова биэрдэ:
— Дьокуускай куоракка «Суһал көмө» биригээдэлэрэ ыҥырыыга ортотунан 15 мүнүүтэнэн кэлэллэр. «Суһал көмө» хас биирдии массыыната GPS и ГЛОНАСС систиэмэлэрдээх, ол көмөтүнэн куоракка суукканы быһа үлэлиир биригээдэлэри барыларын көрөр кыах бэриллэр.
Быраабылалары тутуһар ордук
— Ыарыһахха уонна эмсэҕэлээбит киһиэхэ хаачыстыбалаах көмөнү кэмигэр оҥорор туһуттан диспетчергэ эрийэргэ ыарыы бэлиэлэрин, ханна бааргын чопчу ыйарга кыһаллыахха наада. Ити диспетчер үлэтин биллэ судургутутар. Онон, «Суһал көмөҕө» эрийдэххинэ, диспетчер ыйытыга суһал көмө биригээдэтин профилын уонна ханнык хайысханан суһаллык барыллыахтааҕын быһаарарга туһалаах.
Икки нүөмэри умнума
— «Суһал көмөнү» дьиэтээҕи төлөпүөнтэн «03» ыҥырылларын бары билэҕит. Сотовай төлөпүөнтэн эрийэргэ икки ньыма баар.
«103» нүөмэргэ эрийдэххинэ, эн билигин баар нэһилиэнньэлээх пуунуҥ суһал станциятыгар тиийэҕин, ол эбэтэр гудок иһилиннэҕинэ, ол аата “Суһал көмөҕө” тиийбиккин. Станцияҕа элбэх ханааллаах сибээс систиэмэтэ үлэлиир. Онон, туруупканы быраҕан кэбиһэн баран, хос эрийэ сатаама.
112 эрийэҕин. Бу “Суһал көмө” сулууспалар биир кэлим нүөмэрдэрэ.
Бу икки нүөмэргэ эрийбитиҥ иһин төлөпүөҥҥүттэн харчыны устубаттар.
Төһө массыына сүүрэрий?
— Күн аайы куоракка ортотунан суһал медицинскэй көмө 25 массыыната сүүрэр. Автопааркаҕа медицинскэй көмөнү оҥорор тэриллэрдээх, “В” уонна “С” кылаастаах массыыналар бааллар. Билигин станцияҕа “С” кылаастаах 3 реанимобиль (“көлүөһэҕэ олордуллубут реанимация балаатата”) үлэлиир.
Сокуон быһыытынан, киһи олоҕор уонна доруобуйатыгар куттал үөскүүр түгэнигэр “Суһал көмөнү” ыҥырар быраап хас биирдии киһиэхэ бэриллэр (хайа дойду гражданиныттан, РФ-га сылдьар быраабыттан тутулуга суох).
Суһал көмөҕө наадыйар кэм тирээн кэллэҕинэ, бастатан туран, ыксаан, уолуйан хаалыма. Эйиэхэ көмөлөһөр биригээдэни ыыталларын туһугар диспетчер сиһилии ыйытыгар чопчутук эппиэттээ. Итинтэн киһи олоҕо тутулуктаах.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru