Сорох улуустарга күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын  2 күнүгэр, Өлүөхүмэ, Бүлүү умнаһын, Кэбээйи улуустарыгар уонна Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ  15-20 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление иһитиннэрэр.  

Кэбээйигэ, Горнайга, Алдаҥҥа, Нерюнгрига инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр.

Температура түүнүн  0,-5°,  соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа сорох сиринэн -5,-10°, хотугулуу-арҕаа -13,-18° буолуоҕа. Күнүһүн  +7,+12°,  соҕуруулуу-илин +10,+15°, арҕаа 0,+5°,  соҕуруулуу-арҕаа 0,-5°, хоту -6-11° кыраадыс буолуоҕун билгэлииллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0