Сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга туспа турар атыы-эргиэн кииннэрин үлэлэрэ тохтотулунна

Бөлөххө киир:

Дьокуускайга, Жатайга, Аллараа Бэстээххэ итиэннэ Ленскэй, Нерюнгри, Мииринэй, Алдан оройуоннарыгар уонна Тиксии бөһүөлэгэр баар туспа турар атыы-эргиэн предприятиеларын үлэлэрэ муус устар 30 күнүгэр диэри тохтотулунна.

edersaas.ru
Туһааннаах ыйаахха бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.

Онон, ыйаахха олоҕуран, туһааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга аһы-үөлү уонна наадалаах табаардары атыылыыр 1000 кв м диэри иэннээх маҕаһыыннар, атыы-эргиэн кииннэрэ эрэ үлэлииллэрэ көҥүллэнэр. Докумуон кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай быраас этиитигэр олоҕуран оҥоһулунна.

edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0