Саха киһитигэр идэһэ кэмэ үөрүүлээх кэм. Төһө даҕаны түбүктээх-садьыктаах буоллар, убаһа иһин сууйуу туспа үөрүүлээх тэрээһин.
Сорох дьон буотараҕы саас сууйаллар. Ол эрээри, үгүс дьаһаллаах дьон бу ыарахан үлэни кыстыкка номнуо сууйан, хаан кутан үлэлэрин үмүрүтэллэр. Бүгүн убаһа субай хаанын очоҕоһуттан бэртээхэй халбаһыы ырыссыабын балтым Юлиана Николаева биэрдэ. Халбаһытын оҥорбут хардыытынан хаартыскалаан бэлэмнээбитин көрөн, баҕар кимиэхэ эмит туһалаах буолаарай дии санаатым.
Юлиана Николаева:
— Убаһа сүрэҕин, бүөрүн, үөс тардарын уонна убаһа этин эрийэбит. Эриллибит эппитигэр туус, чеснок, төгүрүк луук, хара биэрэс кутабыт. Хаан кутуллуохтаах очоҕостору 25-30 см уһуннаах гына быһабыт уонна биир түмүгүн сөллүбэт гына ыга баайабыт. Дьэ, уонна салгын хаалбат гына ыга фааршпытын симэбит. Бу хаан курдук буолбатах, онон миэстэ хаалларар табыллыбат. Толору симэн баран түмүгүн ыга баайабыт. Халбаһы бэлэм. Оргуйбут ууга тоҥ эбэтэр тута оҥорбут халбаһыбытын угабыт. 15 мүнүүтэ буолан баран иннэнэн үс сиринэн тэһэн симэһинин уонна салгынын таһаарабыт. Халбаһыбыт 40 мүнүүтэ буһар.
Ульяна Захарова, edersaas.ru