Сонун сүүрээни олоххо киллэрэр фермер Латышев

Ааптар: 
27.10.2019
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэҕэ араас тиэхиньикэ дэлэйэн, үүнүүнү ыларга араас ньыманы тутталлар.

edersaas.ru

Ол да иһин буолуо, кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыбалар араас сонун ньыманы туттан, үүнүүлэрэ өлгөм. Ол эрээри, дьэ батарыыта баар ээ. Бу туһунан  “Фермер Латышев” чааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Сергей Латышевы кытта анаан көрсөн кэпсэттим.

Бастакы олук

37 саастаах Сергей Латышев – Хаҥалас улууһун IV Малдьаҕар (Үөдэй) нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. Кини быйылгыттан Хаҥалас улууһун үс нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын араас көрүҥүнэн дьарыктанар. Ол курдук,  Үөдэйгэ сүөһү иитэр, Сиинэҕэ,  2-с Дьөппөҥҥө хортуоппуй, оҕуруот аһын үүннэрэр.

Сиинэҕэ саҥа саҕалааһыным. Манна хортуоппуй үүнүүтэ үчүгэй эбит. Эһиил 7-8 гектарга тиэрдиэхпит. Ону таһынан, төрөөбүт дойдубар, Үөдэйгэ быйыл сайын 70 ынах сүөһү кыстыыр хотонун туттум.

— Тыый, биир сайын иһигэр тоҕо түргэнэй? Үбүҥ элбэҕэ бэрт эбит…

— Былырыын “Саҥа саҕа­лаан эрэр фермер” диэн  3 мөлүйүөн солкуобайдаах грант ылбытым. Соругум – саҥа хотон тутан, сүөһү ииттии. Сойуус ыһылларын саҕана тутуллубут хотону сөргүтэн, саҥардан, кыстыкка киллэрдим. Ону таһынан, өрүс нөҥүө 2-с Дьөппөҥҥө былырыыҥҥыттан тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибигэр салайааччынан үлэлиибин. Онно 107 ыанар ынах баар. Иккис хотоҥҥо, эдэр сүөһүлүүн холбоотоххо, 200-тэн тахса сүөһү баар.

— Аны Үөдэйгэ саҥа хотону киллэрээри сылдьаҕын? Үлэлиир сириҥ да элбэҕэ бэрт эбит.

— 2-с Дьөппөҥҥө: “Үлэтэ мөлтөөбүт “Сайдыы” кэпэрэтииби өрө тарт”, — диэн баһылык көрдөспүтүгэр, онно үлэлии тиийбитим. Оҕуруот аһын өлгөмнүк үүннэрэллэринэн аатырар Дьөппөҥҥө болҕомтобун уурбутум ыраатта эрээри, оҕуруот аһын үүннэриини былырыыҥҥыттан эрэ саҕалаатым. Онно 4 гектарга хаппыыста, 1,5 гектарга моркуоп, 2 гектарга сүбүөкүлэ, 15 гектарга хортуоппуй олордубуппут. Хомуур этэҥҥэ түмүктэннэ. Былааммытын толордубут эрээри, мин өссө элбэҕи ылар санаалаах этим. Уопутум суох буолан эбитэ дуу, быйыл сыыһа-халты үктэммиттэрбин эһиилги дьылга көннөрдөхпүнэ, арааһа, санаабыт санаам дьэ туолара буолуо.

Интэриниэт – олоҕу кытта тэҥҥэ хардыы

— “Сыыһа-халты үктэммиттэрбин” диэн ол аата тугу этэҕин?

— Үлэһиттэрим урут уруккуттан сэбиэскэй тиэхиньикэнэн, сэбиэскэй өйүнэн-санаанан, ньыманан үлэлии олорбут дьон буоллахтара. Оттон мин, аныгы үйэ киһитэ, сонун технологияны олоххо киллэриэх баҕам сүрдээх. Эһиилгиттэн саҥа сүүрээни киллэрбит киһи диэн баҕалаахпын.

— Холобура?

— Саҥа технология: хааппыланан нүөлсүтүү (капельный полив), “мульча пленкатын” – сыыс от үүнүүтүн бопсор аныгы технология тиэхиньикэтин (пленка мульчирования) атыылаһыам. Интэриниэт – олус абыраллаах дьыала эбит. Ютубтан көрдөөн наадалаахпын булан ылабын.

— Холобура, интэриниэккэ хайдах көрдүүгүн? Туох диэн суруйаҕын?

— “Хайдах ньыманан мор­куоп өлгөм үүнүүтүн ылыахха сөбүй?” диэтим да, ютубка наадыйарым барыта тахсан кэлэр. Онно Брянскай, Соҕуруу Сахалин, Кемерово уобаластарын оҕуруотчуттарын ханаалларыгар араас сүбэ, видеоматыры­йаал үгүс.

— Брянскай уобалас килиимэтэ атын буоллаҕа…

— Ханна да үүнүүнү ылыы технологията биир. Холобура, хааппыланан нүөлсүтүү ньыматыгар кинилэр холобурдарыттан үөрэнним. Былырыын кыһыны быһа үөрэппитим. Уопутум суох буолан, ити ньыманы тута баһылыы охсубатым. Ол эрээри олохтоохтук үөрэттим диэххэ сөп. Кыһын тиэхиньикэбин атыылаһан, эһиил үлэҕэ киллэриэм.

Эрэкэлээмэ – олоҕу хамсатар күүс

— Хайа уонна, уол, эрэкэлээмэҕин да кыайа-хото туттуҥ быһыылаах ээ? Ханна көр: тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа, социальнай ситимнэргэ – “Фермер Латышев” рекламнай хартыыната бөҕө! Бэйэҥ да тас көрүҥүҥ, ойууҥ-таймаҥ ис хоһооно — олох Эмиэрикэ фермерин курдуккун дии.

— Оттон… (күлэр). Уопсайынан, аһаҕас буолуохха наада эбит. Инньэ диэн толкуйга кэллим. Кимиэхэ барытыгар кэпсии сылдьыахха наада эбит. Холобура, тоҕо үтүө дьыаланы оҥорон баран, ону кистээн-сабан сытыарыахха сөбүй? Быйылгы дьылга үлэ араас көрүҥэр ылсаат, кимиэхэ барытыгар үлэбин-хамнаспын олоччу кыбыстыбакка кэпсии сылдьабын. Үчүгэй баар буоллаҕына, ол онно дьон хото тардыһар эбит. Билигин араспаанньабынан эндэппэккэ билэр буоллулар. Бу иннинэ мин биэс сыл Хаҥалас улууһугар “Хаҥалас-Ас” диэн үүт аһы оҥорон таһаарар кэпэрэтииби салайан олорбутум. Мин кэлэрим саҕана үс эрэ көрүҥ бородууксуйаны оҥорон таһаарар  тэрилтэ 20 мөлүйүөн солкуобай иэстээх этэ. Мин «Дары природы”, “Ок-сиэ” диэн табаарынай бэлиэлэри олоххо киллэрэн, үүт ас арааһын оҥорон, атыыбыт хамаҕатык барар буолбута.

— Дуо? Оттон мин “Ок-сиэ” бэлиэлээх фирма туһунан суру­йаары тэрилтэҕэр  эрийэ сылдьыбыппар “салайааччыбыт олох сөбүлээбэт” диэн, саа да тэбэр сиригэр чугаһаппатахтара дии?

— Оччолорго, кырдьык, биллэ-көстө сатыырбын олох сөбүлээбэт этим. Мин саныырбынан, күннээҕи үлэбитин толорор курдук этибит. Ол эмиэ кимиэхэ интэриэһинэй үһү дии саныырым. Табаар бэ­лиэтин оҥоруу олус эппиэттээх эбит этэ. Иэстээх тэрилтэҕэ ким да үүт туттарыан баҕарбат, оҥорон та­­һаарыыбыт кэмчи. Онтон сыыйа үлэлэһэн, эр­­гиэммин 30 мөлүйүөн солкуобайтан 70 мөлүйүөн cолкуобайга таһаарбытым. 3 көрүҥ бородууксуйаттан 38 көрүҥҥэ тиэрдибитим. Эбии эт аһы оҥорон таһаарар сыах туппутум.

“Тоҕо фермер суолун тутустум диэ…”

— Бэрт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьан, тоҕо туспа бардыҥ?

— Былырыын 2018 сылга бэ­­йэбэр үлэлииһибин диэн туспа барбытым. Тоҕо фермер суолун тутустум диэ… Киһи туох эрэ саҥаны киллэрэ сатаатаҕына, үгүстэр өйдөөбөккөлөр, утарсаллар аҕай этэ. Төһөлөөх элбэх урут-уруккуттан иитиэхтии сылдьар идиэйэбин олоххо киллэриэхпин баҕарбытым буолуой? Ону өйдөтө сатаан, элэ-была тылым баранара. Уопсайынан, элбэх киһилээх кэлэктиипкэ санаа араастаһыыта үгүс. Ол иһин толкуйдаан баран, тус бэйэм эппиэти ыларбар судургу буоллун диэн, санаабыппын олоххо киллэрэр соруктаах, туспа фермер суолун тутустум.  Билигин үс нэһи­лиэгинэн отучча үлэһиттээхпин. Үлэм истиилин өйдүүр, өйүүр исписэлиистэр — инженердэр, экэнэмиистэр, технологтар миигин батыспыттара. Этэргэ дылы, бэйэм “эллээн” таһаарбыт, биир тылынан өйдөһөр дьонум.

— Билигин үүнүүнү батарыы олус уустук. Бу боппуруоһу хайдах быһаараҕыт?

— Быйылгыттан Дьокуускайга арендаҕа ылан, 200 туонна оҕу­руот аһын харайар бааза оҥоһуннубут. Билигин хаппыыстаны, моркуобу, сүбүөкүлэни – араас оҕуруот аһын холбоон бииргэ атыылыыбын.

Куорат олохтооҕун быһыытынан, ити бэйэм эрэйдэммиппин учуоттаан, батарыы саҥа көрүҥүн толкуйдаабытым. Дэриэбинэттэн кууллаах хортуоппуйу киллэрэн, сы­­лаас таас дьиэҕэ “кыстатан”, мыч­чыстан, араскыланан, аҥара быраҕыллар этэ. Толкуйдаан баран, 15-17 киилэ оҕуруот аһын итинник ньыманан атыылыырбын, өссө дьиэлэригэр тиийэ тиэрдэрбин, атыылаһааччы сөбүлээтэ. Итинник ньыманан хортуоппуйбутун эһиилги ыам ыйыгар диэри аа-дьуо батарыахпыт.

Дьэ, ити курдук, тыа сирин фермерэ үлэтин бэркэ аттаран, сонун сүүрээни киллэрэн, бэрт тахсыы­лаахтык үлэлии сылдьар.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска Сергей Латышев дьиэтээҕи архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0