Сонун испэктээк сэҥээриини ылла

02.04.2019
Бөлөххө киир:

 А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, кулун тутар бүтэһик күнэ, сонун испэктээгинэн түмүктэннэ. РФ образцовай кэлэктиибэ, үҥкүү норуодунай ансаамбыла «Сюрприз» «Петр уонна Феврония Муромскайдар туһунан сэһэн» матыыптарынан «Петр уонна Феврония туһунан номох» диэн музыкальнай-хореографическай испэктээк туруорда. Бу туһунан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата суруйар.


Муромскайга кинээс баһылыктаан олордоҕуна, куһаҕан санаалаах аптаах дьахтар былааһы хайдах былдьыы сатаабытын туһунан испэктээккэ кэпсэнэр. Хоодуот буойун Петр хараҥа күүһү кытары хорсуннук охсуһар. Ону хара санаалаах дьахтар дьааттаах хаанынан сүһүрдүбүтүн, эмчит Феврония буойуну быыһыыр.

«Бу эрэллээх буолуу, күүстээх тапталы харыстааһын, хараҥаны сырдык кыайыытын туһунан номох. «Сюрприз» уонна «Ярилов день» ансаамбыл кыттыылаахтара, солистар үҥкүүнү, театральнай көрдөрүүнү табыллан чаҕылхайдык толордулар. Сцена бииртэн-биир уларыйан иһиитэ көрөөччүнү наһаа сонурҕатта, кэрэхсэттэ. Тапталлаахтар иэйиилэрин, кинилэр көрсүһүүлэрин, кэрэ сибэкки үҥкүүтүн, уопсайынан, испэктээк саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрөөччүлэр улаханнык астынан, долгуйан, болҕойон олорон көрдүлэр.

Хас биирдии оруолу бары олус үчүгэйдик толордулар. Көстүүмнэрэ, антураж XIII үйэҕэ Муромскайга кинээс баһылаан олорор кэмин толору арыйан көрдөрөргө көмөлөөх буоллулар. Көрөөччүлэр «Сюрприз», «Ярилов день» салайааччытыгар Ирина Егороваҕа, «Сюрприз» эдэр хореографтарыгар Любовь Алексееваҕа, Виктория Дьяконоваҕа, Андрей Пойдаҕа махталларын тиэртилэр. Сүрүн оруоллары: Петры – Андрей Пойда, Февронияны – Виктория Федорова, Колдуньяны – Валерия Дьяконова, Павелы – Евгений Шодик, Фоманы – Артем Нечаев, Аннаны – Анастасия Оловянникова, Дуняшаны – Полина Солдатова, Сибэккини – Александра Тирская, Кырдьаҕаһы – Дмитрий Кравченко сүрдээх үчүгэйдик оонньоотулар. Көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа өргө диэри сатараата.

А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0