Ыччат бэйэ дьыалатын саҕалыырыгар, дьарыктаах буолуутугар “Хотугу Синергия” форум хаһыс даҕаны сылын төһүү күүс буолан ыытыллар. Манна баҕалаах киһи бырайыактаах, үлэ барылын илдьэ кэлэн көмүскүүр, араас эйгэҕэ үлэлии-хамныы сылдьар экспертэртэн сүбэ-ама ылар, биир интэриэстээх дьону кытта уопут атастаһар. Түмүккэ бастыҥ бырайыактаахтар араас суумалаах граннары сүүйэллэр.
Быйылгы форум Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Форум үс хайысханан: “Мин — Инженербин” (салайааччы Василий Севергин), “Эн — урбаанньыккын” (салайааччы Тимур Ханды) уонна “Биһиги – доброволецтарбыт” (салайааччы Айыллаан Винокуров) үлэлээтэ. Бырабыыталыстыбаттан уопсайа биир мөлүйүөн суумалаах 14 грант көрүлүннэ.
“Мин – Инженербин” хайысхаҕа 100 тыһ. суумалаах граны Дьокуускайдааҕы “Технопрогресс” тэрилтэ инженерэ Евгений Соловьев сүүйбүтэ. Кини форумҥа сонун бырайыактаах кэлэн кыттааччылары даҕаны, дьүүллүүр хамыыһыйаны даҕаны сөхтөрдө:
— Мин Нам улууһуттан төрүттээхпин. 2008 сыллаахха Дьокуускайдааҕы инженернэй-тиэхиньиичэскэй институту бүтэрэн бараммын, Таалакааҥҥа “Сургутнефтегазка”, Дьокуускайга “Якутскэнергоҕа” үлэлии сылдьыбытым. Оттон “Технопрогресс” тэрилтэҕэ инженеринэн үлэлээбитим үһүс сыла буолла. “Хотугу Синергия” форумҥа бастакыбын кытынным, — диэн Евгений бэйэтин билиһиннэрэр.
—Туох бырайыактааххыный?
— Мин форумҥа шнекоход көмөтүнэн хамсыыр тэрил барылын көмүскээбитим. Олег Аржаков, Петр Васильев диэн бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта толкуйдаабыт уопсай бырайыакпыт буолар. Дьиҥэ, маннык хабааннаах тэрили оҥорор санаа эрдэ баара, ол эрээри былырыыҥҥыттан эрэ оҥорон саҕалаабыппыт. Бу тэрил уу аннынан сылдьан, бэйэтин тула 3600 эргийэн, видеоҕа устар кыахтаах. Кини көмөтүнэн уу анныгар сытар гаас, ньиэп утаҕа алдьаммытын, тэстибитин, тимирбит массыыналары уонна сэлии муоһун көрдүөххэ сөп
— Туох санааттан бу бырайыакка ылыстыгыт?
— Маннык толкуй Өлүөнэ өрүс нөҥүө гаас утаҕын тардарга үлэлэһэ сырыттахпына кэлбитэ. Водолазтар үлэлэрэ буолан, олохторун кэрэйбэккэ бэрэбиэркэлии умсалларыттан харааста санаабытым. Онон, водолаз үлэтин чэпчэтэргэ аналлаах бырайыак диэххэ сөп. Биһиэнин курдук шнекоход көмөтүнэн уу аннынан айанныыр аппарат суох, бэнтилээтэринэн усталлар бааллар.
— Маннык курдук аппарааты тас дойдуларга туһаммыттара ыраатта буолбатах дуо?
— Дьиҥэ, сөпкө этэҕин, маннык хабааннаах тиэхиньикэ баар, ол эрээри сыаната 60 мөл. солк. тиийэр. Оттон биһиэнэ улахан ырыынакка таҕыстаҕына баара-суоҕа 2 мөл. солк. буолуоҕа.
— Өссө туга ситэрэ хаалла?
— Инникитин эбии рентген түһэрэрдээх, тимир көрдүүр бырагыраамалаах буолуон баҕарабыт. Видеоҕа устар камератын хаачыстыбатын тупсарыахпыт. Номнуо муус анныгар ыытан боруобалаабыппыт. Ыйааһына сүүстэн тахса киилэ.
Улахан бырайыакка ылсыбыт Евгений дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэригэр, туһаҕа таһаарарыгар баҕарабыт!
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Виктор Олесов хаартыскаҕа түһэриитэ.