Сонтуор ойуун

Ааптар: 
09.02.2022
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһугар Харбалаах алаастарынан дьон-сэргэ олорон ааспыт бэлиэлэрэ өтөхтөр оннулара, былыргы киһи уҥуохтара сүтэн-оһон эрээхтииллэр. Оҕо эрдэхпинэ Тоҥуулаах эргин, алаас ахсын ойуун уҥуоҕа диэн куттанан саҥарбакка, тэйиччинэн ааһар буоларым. Олор улахан баһаартан ордон, хороһон турар буолаллара. Билигин да биир эмэ алааска бааллар. Ити сирдэри, эбэлэри ытыктаан ааттарын улаханнык ааттаабаттар, харыстаан айдаарбаттар, отун-маһын мээнэ кэрдибэттэр, алдьаппаттар.

Оннук сирдэр биһиги Харбалаахпытыгар аҕыйаҕа суохтар. Олортон биирдэстэрэ Сонтуор Күндэтэ буолар. Сонтуор Күндэтэ нэһилиэк кииниттэн Күлтэн тоҕус биэрэстэ кэриҥэ илин, Чой диэн алаас хотугу баһыгар сытар. Бу күөл Күндэ диэн ааттаах. Кырдалыгар Сонтуорка (Һонтуорка) уола Ньукулай диэн ойуун киһи дьиэ-уот тэринэн олорбут. Аҕатын хос аатынан Һонтуор ойуун диир эбиттэр. Кэлин дьон «Һонтуор Күндэтэ» диир буолбуттар. Бииргэ төрөөбүттэр хаһыалар да эбит. Бу киһи ааспыт үйэ саҥатыгар олорон ааспыт.

Кини бу эргин бүтэһик ойуун буолара буолуо. Һонтуор Ньукулай кэргэнэ Дуунньа диэн бааһынайдыы сырдык хааннаах, сып-сырдык киэҥ харахтаах, уһун хойуу кугас баттахтаах, үчүгэй дьүһүннээх дьахтар эбит. Тоҕус оҕолоохторуттан биирэ эрэ кыыс, уоннааҕылара уолаттар үһү.

Арай биирдэ, Тээлбэлээҥҥэ олохтоох биир киһи кэлэн Һонтуор Ньукулайы улаханнык ыалдьыбыт киһиэхэ баран кыырарыгар көрдөспүт. Онуоха тиийиэх буолан хаалбыт уонна обургу уолаттарынаан үс күн оттор маһы, иһэр ууну барытын дьиэҕэ бэлэмнээбиттэр. Бараары хомуна туран: «Үс күн дьиэттэн тахсар, быгыалыыр буолаайаҕыт. Бартым үһүс  хонугар этэҥҥэ буоллахпына халлаантан күөх тунах түһүөҕэ. Оттон хоттордохпуна хара тордох тохтуоҕа«, — диэбитэ үһү.

Аҕалара барбыта үһүс хонугун туолуута, арай тула ордук сырдаан, күөх тунах түһэн барбыт. Онуоха ойоҕо ааны аһан өҥөйөн көрбүт. Сотору буолаат, таһырдьа былыт саба халыйбытыныы борук буолбут, тордох тохтон барбыт. Онуоха Дуунньа Омукча диэн кыра уолун Ньукулайы сиэппитинэн баран хаалбыт. Оччолорго Дуунньа Тоокуйуус диэн киһиэхэ иирэ сылдьара үһү. Онтутугар күрээбит. Ол туора киһиэхэ умсугуйбут дьахтар ааны соруйан арыйан өҥөйөн көрбүтэ буолуо дииллэрэ. Итэҕэл быһыытынан, ойууттар абааһыны кытары дуу, биитэр икки ойуун дуу харсар кэмнэригэр, дьиэтин аана аһыллыа суохтаах эбит. Арылынна да, хайыһан көрөр эбит. Дьэ ол кэми өстөөҕө сыыһа туппата үһү. Ол күн аҕалара сордоох сыккырыыр тыына эрэ ордон кэлээхтээбит да, оронугар охтубут. Ону кытары ыарыы абааһыта кэлистэҕэ, оҕолор эмиэ ким ханна охтубутунан, биир уол оһох отто сатыы олорон охтубут, биир уол боруокка, биир уол таһырдьа умуһахха киирэн иһэн. Ол курдук бары өлөн хаалбыттар. Арай, били соҕотох кыыстаахтара тыыннаах хаалан чоҕу кирэ олорорун Кыадаҥдаттан дуу, Чочуттан дуу аймахтара кэлэн ылан бартара үһү. Оҕолору тиэргэҥҥэ булуустарыгар угаттаан баран үрдүн суулларбыттара үһү. Һонтуор Ньукулайы бэйэтин Чойго киһи уҥуохтаах кырдалга кистээбиттэр.

Оттон Дуунньа ол Тоокуйууһунаан Маҥкыырайга олорбуттар. Хаста да оҕоломмуттар да уһаабатахтар. Оттон Омукчаны Тоокуйуус абааһы көрөн тобулута сынньан аах-маах оҥорбута үһү. Тоокуйуус бэйэтэ сөтөл буолбут. Маҥкыырайга дьиэтин кэннинээҕи ойуурга тахсан быаламмыта үһү диэн кэпсииллэрэ. Дуунньа хаалан хойукка диэри баара үһү да, кырасыабай бэйэтэ тоҥхоччу бүк түһэн, дьон сирэйин көрбөт, сири көрө сылдьар буолта үһү. Ким эмэ кэпсэтээри саҥардаҕына нэһиилэ төбөтүн эрэ чолоторо үһү.

Сопхуостар саҕана манна, Чойго, мантан тэпсиһэ кэриэтэ сытар Хачаҕалаахха эмиэ пиэримэ сайылыктара бааллара. Бостуук уолаттар кэпсииллэринэн, мэччирэҥ халтаҥнаатаҕына ынахтарын атын алаастарынан кэритэллэрэ үһү. Сонтуор Күндэтигэр сүөһүлэр олох тохтооботтор үһү, сатаатар ааһан иһэн отун быһа хадьырыйан ааспаттара үһү. Олох курдары ааһаллар эбит.

Ааспыт үйэ 80-с сылларын саҥатыгар Һонтуор ойуун дьиэтин хаҥас муннугун этиҥ түһэн уот сиэбит. Ол муннугу эрэ сиэн баран умуллан хаалбыт. Дьиктитэ диэн баар, ол муннукка Һонтуор утуйар ороно баар эбит. Орон үрдүнэн кумута, дүҥүрэ ыйанан тураллара үһү. Ону Чой уонна Хачаҕалаах сайылыктарыгар ыанньыксыттыыр эдэр кыргыттар, оҕолор сир астыы сылдьан эҥин дьиэҕэ киирэн көрөллөр эбит. Оннооҕор ойуун оронун анныгар баар дьоҕус хоппо иһин хасыһалларын кэпсииллэрэ. «Ол-бу баар буолааччы. Остуол үөһэ иһиттэр эҥин бааллара. Хайдах куттаммаппыт эбитэ буолла?! Билигин ат да манньаҕа киирбэппин!», — диэччилэр. Ол этиҥ буолан кырдьаҕас бэйэтэ таҥаһын-сабын харайдаҕа.

2013 сыллаахха сайын Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейын үлэһиттэрэ анаан-минээн кырдьаҕас олорбут өтөҕүн көрдүү кытай тыраахтарынан айаннаабыппыт. Суол куһаҕан буолан аҕыс биэрэстэ курдук сири тыраахтарынан барбыппыт, салгыы сатыы хаампыппыт. Анаан илдьибит алаадьыбын кырдалга ууран көрдөһөн, көҥүл ылбыт курдук сананан баран көрдөөн барбыппыт. Наһаа итии, кырдаайылаах күн этэ. Өр көрдөөбүппүт. Сылайбыппыт, утаппыппыт. Атын нэһилиэктэн төрүттээх эдэр сотрудниктарбын: «Арааһа, бу эһигини туора дьон диэн сөбүлээбэт быһыылаах. Барыҥ, тыраахтарга тиийэн олоруҥ«,- диэн дьаһал биэрбитим. Дьэ, уонна, төрдүө буолан хаалан бараммыт, ойуур иһинэн тэйиччи-тэйиччи тараан баран иһэбит. Ойуур иһэ хараҥа. Арай, аттыбар сэргэ турар эбит! Онно тохтуу биэрдим. Сэргэ баар буоллаҕына дьиэ эмиэ манна турар буолуохтааҕын билэр буолан, харахпынан көрдөөн бардым. Ол туран көрбүтүм, ойуур саба үүнэн нэһиилэ көстөр дьиэ миигиттэн биэс уонча хаамыылаах сиргэ турар эбит. Хайдах эрэ куттанан хааллым. Аргыый соҕус: «Оҕолоор, буллум быһыылаах…» — диэтим. Сонно тута атыттарым: «Ханна?  Ханна?» — буола түстүлэр. Тарбахпынан ыйыахпын аньыырҕаан: «Мин көрөр сирбин көрүҥ«, — диэтим. Бары куттанан сибигинэһэн кэпсэтэр буолан хааллыбыт! Кыра, синньигэс тиит мастан тутуллубут, үрдэ сууллубут дьиэ турар. Дьиэ аана илин диэки оҥоһуллубут. Хаҥас биир муннугун уот сиэбит, эркиннэрэ билигин да тураллар. Киһи сөҕөрө, бу былыргы үйэтинээҕи дьиэ хатан-кууран кумааҕы буолан турдаҕа. Ол бэйэтэ, этиҥ түһэн умайан иһэн биир муннугу сиэн баран умуллан хаалбыт. Улахан баһаар да барыан сөп курдук эбит. Аны кырдьаҕас бэйэтэ итинник дьаһайбыта биллэр эбит. Дьиэ ортотун диэки баҕаналаах. Онно икки өттүнэн быгар гына оҥоһуллубут ньап-ньалҕаархай, ханан да хатыыта суох мас көхөлөөх. Даҥ буорун аннынан, умайбыт муннук истиэнэтин аттынан мас орон атаҕа көстөр. Аан айаҕар туох эрэ туттар тэрил төгүрүк сэлтэкэлээх уга истиэнэҕэ өйөммүтүнэн буор анныттан көстөр. Аттыгар куойа турар. Тымтай хаппыт айаҕа көстөр. Дьиэ аана суох. Холуодатыгар күлүүс ыйыыр саха оҥоһуга тимир боробуой саайыллыбыт. Дьиэ уҥа өттүгэр сиэрдийэни иҥнэри кэрдэн оҥоһуллубут үктэллэрдээх кирилиэс өйөнөн турар. Тэлгэһэҕэ дьиэ иннинэн синньигэс соҕус сэргэ иҥнэйэн да көрбөккө турар. Моонньо олох элэйиитэ суох, арай хайа хаппыт. Оҕолор сытар булуустара үллэн, биэ эмиийэ саба үүнэн сытар.

Уонтан тахса сыллааҕыта, биир эбэҥки хоһууна, булчут бөҕө, күтүөт кырдьаҕас киһи Чой эргин киис суолун булан сонордоһон икки төгүл сүтэрэн кэбиспит. Атын миинэн иһэн ата туохтан эрэ сиргэнэн өрө холоруктуу түспүтүгэр көрбүтэ, улахан баҕайы киһи уҥуоҕар тахсан кэлбит эбит. Арай доҕоор, салгыҥҥа дьэргэлгэн оонньуурун курдук буолбут да, ойуун киһи сэбин-сэбиргэлин барытын туппутунан, таҥаһын-сабын таҥныбытынан салгыҥҥа илэ-бодо көстөн кэлбит! «Киинэҕэ, хаартыскаҕа курдук буолуо баара дуо! Амырыын сырай, харах!», — диэн кэпсээбитэ үһү. Хайдах икки көстөөх Тэптэгииҥҥэ тиийбитин бэйэтэ да билбэт үһү. Дьиэҕэ көтөн түспүт да, чаанньыктаах ууну иһэн киллиргэппит. Саҥата суох ороҥҥо баран сытынан кэбиспит уонна нөҥүө сарсыарда биирдэ турбут. Оттон миинэн кэлбит миҥэтин дьиэттэн тахсан бэрийбиттэр, ата күүгэннээх кырыа буолбут үһү. Сарсыныгар биирдэ туохха түбэспитин кэпсээбит. Ити түгэн кэннэ ол тоҥус хоһууна уһаабатаҕа.

Сонтуор уола Ньукулай ойуун туһунан итинтэн ордук сэһэн-сэппэн хаалбатах. Кырдьаҕас өтөҕүн чугас тыатыгар аныгы дьон отоннууллар даҕаны, кими да моһуоктаабыт сураҕа иһиллибэт. Дьон кырдьаҕаһы ытыктаан, билигин да ити диэки мээнэ тиэстибэттэр, айдаарбаттар.

 Светлана Копыленко,

Харбалаах, Үөһээ Бүлүү.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0