Намҥа А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин күнэ уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын ассамблеятыгар анаммыт тэрээһин буолла. Бу туһунан биһиэхэ А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
Доҕордоһууну бөҕөргөтөр уруоктар
Дьокуускайтан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлиистэрэ Намҥа тиийэн 1, 2-с №-дээх оскуолаларга, улуустааҕы гимназияҕа “Россия норуоттарын бырааһынньыктара, олохсуйбут үгэстэрэ, сиэрдэрэ” диэн уруоктары ыытан улахан сэргэхсийиини таһаарбыттар. Оҕолор араас омуктар өбүгэлэрин сиэрдэрин-туомнарын, үгэстэрин билиһиннэрэллэрэ олус интэриэһинэйин, кырасыабай бэйэлээх национальнай көстүүмнэри көрөр наһаа үчүгэйин, киһини сэҥээрдэрин, доҕордуу норуоттар чугас сыһыаннарын өйдүү үөрэнэллэрин эппиттэр.
Көрсүһүүгэ 2017 сыллаахха тэриллибит “Колымчанки” ансамбль кыттыылаахтара дьүкээгирдэр культураларын туһунан сырдаппыттар. Бу күннэргэ “Туундара уонна тайҕа дуораана” диэн аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар тэрээһиннэригэр кыттан гран-при ылбыт үөрүүлэрин үллэстибиттэр. Ансамбль салайааччыта Татьяна Бандерова үгүс киһи төрөөбүт тылын, өбүгэлэрин үгэһин, сиэрдэрин-туомнарын билбэттэрэ дьүкээгирдэр норуот быһыытынан сүтэллэригэр кутталы үөскэтэрин бэлиэтээбит. Оҕолор төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билэллэригэр, үгэһи, сиэри-туому харыстыылларыгар сүбэлээбит. Салгыы “Ямские бубенцы” дьаамсыктар удьуордарын ансаамбылын, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин национальнай культураларга киинин салайар Ирина Стрекаловская икки үйэттэн ордук кэм устатыгар Саха сиригэр почтаны таспыт дьаамсыктар тустарынан сырдаппыт, ыйытыыларга хоруйдаабыт. Бу киин исписэлииһэ Марина Павлова нуучча норуота сиэргэ-туомҥа туттар куукуларарын туһунан кэпсээбитэ улахан болҕомтону тардыбыт.
—Маннык куукулалары хаһаайкалар былыр бэйэлэрэ дьиэлэригэр хатан, өрөн таһаарбыт таҥастарын сыыһыттан оҥороллор эбит. Онно дьолу быһа кырыйан эбэтэр дьаҥы-дьаһаҕы хос тигэн кэбиһиэххэ сөп диэн кыптыыйы, иннэни туттубаттара үһү. Ол оннугар куукулаларын сабынан эрийэллэр эбит, — диэн кэпсээбит. Ыал буолааччылар олохторун устатыгар бииргэ иллээхтик олорор туһуттан, куукуланы бииргэ көмөлөөн оҥороллорун, оҕоҕо анаан сап сүүмэҕинэн куукулалары бэлэмнииллэрин, хас оҕолоннохторун ахсын оннук оҥорор итэҕэллээхтэрин, олору ханна ууралларын, кэргэн тахса илик кыргыттар тугу оҥороллорун, о.д.а. бэрт элбэҕи кэпсээбитин сэҥээрэн истибиттэр.
“Туундара уонна тайҕа дуораана” тэрээһиҥҥэ Чукотка автономнай уокуругун Амгуэма сэлиэнньэтиттэн кэлэн кыттыбыт Анатолий Омрынват хоһоон аахпыт, ырыа ыллаабыт, бэйэтэ оҥорор музыкальнай тэрилигэр-ярарга (дүҥүргэ) оонньообут. Кини бу тэриллэрин инчэҕэй хатыҥтан уонна таба тириититтэн оҥорорун, бөҕө-таҕа буоллун диэн буһарыллыбыт сордоҥ тириитинэн соторун кэпсээбит. Хас биирдиилэригэр Чукотка норуотун олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр ойуулуурун-бичиктиирин кэпсээн сэҥээриини ылбыт. Магадан уобалаһын Ола бөһүөлэгин олохтооҕо Наталья Атаманова түһүлгэ кыттааччыларыгар хоһоон айбытыттан, Омрынват иккитин тута бэйэтин төрөөбүт тылыгар тылбаастаан соһуппут, сөхтөрбүт. Оҕолор көрсүһүү кэмигэр дүҥүрү, нуучча норуотун музыкальнай инструменнарын үөрүүнэн ылан тыаһаппыттар. Ол кэнниттэн, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ Ольга Солдатова салалтатынан үөрэнээччилэр үөрэ-көтө ансаамбыл тэринэ охсон, астына оонньообуттара ытыс тыаһынан доҕуһуолламмыт.
Ким доҕордоох — ол дьоллоох
Норуоттар икки ардыларыгар сыһыаҥҥа аналлаах төгүрүк остуолга Нам улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Соловьев, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министерствотын кылаабынай исписэлииһэ Мария Васильева, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин үөрэтэр-методологический киинин национальнай сыһыаннаһыыларга эйгэтин салайар Татьяна Парникова, СӨ норуоттарын ассамблеятын Намнааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова, уо.д.а. кыттыбыттар.
Кэпсэтиигэ Софья Кобякова:
—Нам улууһугар 30-тан тахса араас омук бэрэстэбиитэллэрэ олороллор. 2001 сыллаахха СӨ норуоттар дьыалаларын департаменынан Намҥа салаа тэриллиэҕиттэн, үлэбитин былааннаан тиһиктээхтик ыытарга кыһаллабыт. Ол курдук, уопсастыбаннай түмсүүлэр көмөлөрүнэн Доҕордоһуу болуоссатыгар мастары олордубуппут, дьон-сэргэ сынньанарыгар анаан ыскаамыйалары туруортаабыппыт. “Коробейники” диэн нуучча ырыатын ансаамбыла 2003 сыллаахха тэриллибитэ, билигин норуодунай кэлэктиип аатын сүгэр. Бу ансаамбылы салайар Ольга Новгородова бааһынай хаһаайыстыбалаахтары, АЗС оператордарын, хочуол үлэһиттэрин түмэ тардыбыта итинник күүстээх ансаамбыл буолан тахсыбыта. Билигин кинилэр бэйэлэрин солбуйааччыларын бэлэмнииргэ кыһаллаллар. Маныаха кэлин кинилэри солбуйуохтаах оҕолор билигин “Ручеек” диэн оҕо искусствотын оскуолатыгар дьарыктаналлар, улуус, өрөспүүбүлүкэ куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кытталлар. 2003 уонна 2016 сылларга норуоттар доҕордоһууларыгар анаммыт бэртээхэй ыһыахтар ыытыллыбыттара. Ыһыах түһүлгэтин кыттыылаахтара Россия бары норуоттарын национальнай таҥастарын кэтэн, бүлүүдэлэрин бэлэмнээн көрүөхтэн кэрэ, дьикти үчүгэй буолбута. Быйыл Сомоҕолоһуу күнүгэр “Радуга вкусов” акция тэриллибитэ, онно нэһилиэктэртэн интернациональнай дьиэ кэргэттэр эмиэ олус үчүгэйдик таҥнан-симэнэн, бэртээхэй бүлүүдэлэри оҥорон аҕалан барыта ытыс тыаһынан арыалламмыта,— диэн билиһиннэрбит.
Тэрээһин кыттыылаахтара үлэ-хамнас тэрийиитин туһунан сэһэргэспиттэр, туохха кыттыахха сөбүн билсибиттэр, сүбэлэспиттэр-амаласпыттар, о.д.а. элбэх боппуруоһу дьүүллэспиттэр. Ол кэнниттэн П.И.Сивцев аатынан история-этнография музейыгар сылдьыбыттар. Бу күн А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин самодеятельнай кэлэктииптэрэ, тыа сирин олохтоохторо, Ольга Новгородова салайааччылаах “Коробейники” ансаамбыл, “Добун” эр дьон вокальнай ансаамбылын солиһа Роман Попов, Саргылана Бочкарева салайааччылаах “Ситим” ансаамбыл, Нам 1 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыгастаах бэртээхэй кэнсиэр буолбут.
Долгутуулаах тэрээһин Нам улууһа уонна А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэҥ түһэрсиилэринэн түмүктэммит.
Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата