Быйыл Сомоҕолоһуу сылыгар араас хайысхалаах сырдыгы, или-эйэни, биир санаалаах буолууну саҕар үтүө толкуйдаах тэрээһиннэр, бырайыактар ыытыллан эрэллэр.
edersaas.ru
Ол курдук, сэбиэскэй кэмҥэ бырааттыы норуоттары сомоҕолуур соруктаах үлэлиир Илиҥҥи уонна Кавказ омуктарын куукуналарын «Понаехали» эрэстэрээнэ тохсунньу 19 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр диэри Бастакы «Плов бэстибээлин» ыытар.
Субуота күн узбектар, таджиктар уонна кыргызтар диаспораларын өйөбүллэринэн бу эрэстэрээн бэйэтин ыалдьыттарыгар илиҥҥи норуоттар маанылаах астара — плов 5 көрүҥүн күндүлээн амсатта.
Тэрээһиҥҥэ СӨ Тас сибээс уонна норуоттар дьыалаларын миниистирэ Гаврил Кириллин уонна өрөспүүбүлүкэ ресторатордарын ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова кыттыыны ыллылар.
Кинилэр «Плов бэстибээлин» курдук эйэлээх олоҕу түстүүр, дьиэ кэргэттэри, норуоттары түмэн биир сомоҕолуур тэрээһиннэр олус наадаларын туһунан санааларын эттилэр.
— Сомоҕолоһуу сылыгар быйыл араас омук биир иллээх дьиэ кэргэн курдук олохсуйан олорор Дьокуускайбытыгар «Иллээх ыаллыы буолуу» сыла («Год Добрососедства») биллэрилиннэ. Онон бу бүгүҥҥү үс бырааттыы илиҥҥи омук бэйэлэрин национальнай куукуналарын киэн туттуутун – плову ханнык норуот хайдах астыырын көрдөрбүттэрэ – бэртээхэй сомоҕолоһуу тэрээһининэн буолла, — диэн киин куорат мээрэ Сардаана Авксентьева бэлиэтээтэ.
«Понаехали» эрэстэрээн араас тэрээһиннэри ыытар буолан, кэлиҥҥи кэмҥэ дьоҥҥо ордук сөбүлэтэр.
— Биһиги шеф-пуобарбыт Узбекистаҥҥа анаан тиийэн, плову хайдах астыылларын көрөн-истэн, үөрэтэн кэлбитэ. Биһиги Сомоҕолоһуу сылынан сибээстээн, Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн үлэлиир араас омуктар түмсүүлэрин кытта билсэн баран, Орто Азия норуоттарын диаспораларыгар кыттыһалларыгар көрдөспүппүт. Этиибитин ылынан, үс бырааттыы омуктар икки нэдиэлэ устата биһиги эрэстэрээммитигэр бэйэлэрин пловтарын астаан, ыалдьыттарбытын күнүдүлүөхтэрэ. Быйылгы сыл устата хас да маннык ис хоһоонноох араас норуоттар национальнай бүлүүдэлэрин амсатар уонна сырдатар ас бэстибээллэрин ыытыахпыт. Шеф-пуобарбыт аны Арменияҕа уонна Азербайджаҥҥа бу омуктар национальнай астарын үөрэтэ барыаҕа. Ол кэнниттэн бу өрөспүүбүлүкэлэр минньигэс астарын бэстибээлин тэрийиэхпит, — диэн санаатын үллэстэр «Понаехали» эрэстэрээн управляющайа Саргылаана Данилова.
Былырыын ахсынньыга «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бырааһынньыгар «Саха сирин амтана» диэн гастрономия бэстибээлигэр аан бастаан кыттыбыт, быйыл «Плов бэстибээлигэр» астыы сылдьар пуобары кытта кэпсэттим.
— Мин Саха сиригэр кэлбитим иккис сыла. Бу иннинэ Ямал-Ненецкэй кыраайга олорбутум. Онон тымныыттан толлубаппын. Саха сирин олус сөбүлээтим. Биһиги бу бэстибээлгэ икки күн бэлэмнэннибит. Пловппутун түөрт чааһы быһа астаатыбыт. Мин маннык улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ иккис кыттыым. Өссө да быйылгы сылы быһа бу курдук норуоттары сомоҕолуур тэрээһиннэр буолуохтара диэн эрэнэбин. Онно өрүү үөрүүнэн кыттыыны ылыам, — диэн узбекскай диаспора бэрэстэбиитэлэ Абдул Каххор санаатын үллэстэр.
Оттон кыргызтар «Ынтымак» диаспораларын салайааччыта Алтынбек Орунбаев Дьокуускайга олохсуйбута 20 сыл буолбут. Кэргэнэ Абый улууһуттан төрүттээх буолан, сахалыы олус бэркэ саҥарар.
— Билигин плову астаабат омук суоҕун кэриэтэ. Дьиэ кэргэн аайы саамай сөбүлүүр бүлүүдэлэрэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Биһиги, кыргызтар, Узгеҥҥа үүннэрэр кыһыл риспититтэн плову астыыбыт. Ол ристэн оҥоһуллубут плову ыалдьыттарбытыгар анаан амсаттыбыт, — диэн кэпсиир Алтынбек Торбекович.
Быйылгы чахчынан, Саха сиригэр 129 араас омук олорор. 16 конфессия, 75 национальнай-култуурунай түмсүү баар. Сомоҕолоһуу сылын бастакы ыйа «Понаехали» эрэстэрээн салалтатын көҕүлээһининэн национальнай диаспоралар саҕалаабыттара кэрэхсэбиллээх. Сыл саҥа саҕаланна. Онон маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр өссө да буолалларыгар эрэнэбит. Уонна бу тэрилтэ холобурун батыһан, араас омуктар түөлбэлээн олорор улуустара национальнай бүлүүдэлэр бэстибээллэрин эмиэ оҥороллоро буоллар диэн санаалаахпыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — ааптар түһэриитэ.