Айсен Николаев: «Сомоҕолоһуулаах буоллахпытына, кыайыылаах тахсыахпыт»
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн бар дьонугар туһаайан эҕэрдэтин тиэртэ уонна сомоҕолоһуулаах, түмсүүлээх буоларга ыҥырда.
Үйэлэри, үтүмэн сыллары уҥуордаан, Сахабыт сирэ бары норуоттары олохтообутун, дойдубут тыйыс тымныыта, ураты култуурата бука барыларын сомоҕолообутун, түмэ тардыбытын эттэ.
Бүгүн, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, бары тапталлаах Сахабыт сирэ өссө чэчирии сайдарыгар, кэлэр көлүөнэ дьоллоох олохтонорун туһугар туох баар кыһамньыбытын ууран үлэлиирбитигэр-хамсыырбытыгар ыҥырда.
Аан дойдуга ааҥнаабыт коронавирус дьаҥын тарҕаппат, ыарыыны бохсор туһуттан, үгэс буолбут бэлиэ күммүтүн төһө да интэриниэт ситиминэн хас биирдиибит ыраахтан олорон көрсүбүппүт иһин, бу биһиги барыбыт санаабытын түһэриэ суохтааҕын эттэ. Бу күүтүүлээх күн биһиги өрүү Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэбитин төрүттэспит ытык дьоммутун, Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржаковы онтон да атыттары өрүү махтана ахтарбытын, саныырбытын, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэрбитин тоһоҕолоон туран бэлиэтээтэ. Маны сэргэ Советскай уонна Арассыыйа кэмнэригэр норуоппут лиидэрдэрэ буолбут Г.Чиряевы, М.Николаевы киэн туттан ааттаата. Түгэнинэн туһанан, Өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар бары кыһамньыларын ууран үлэлээбит дьоҥҥо-сэргэҕэ махтанна.
—Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылыгар биһиги бука бары сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, ытык кырдьаҕастарбытыгар, аан дойдуга эйэлээх олоҕу уһансыбыт дьоммутугар сүгүрүйэбит, — диэтэ. Кинилэр уһансыбыт, туппут эйэлээх, дьоллоох олохторун салгыыр бары ытык эбээһинэстээхпитин санатта.
Ил Дархан коронавирус дьаҥын бохсор үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналларын, обсерватордар тэриллэллэрин, анаалыстары оҥоруу далааһыннаахтык уонна тэтимнээхтик ыытылларын, маныаха бу ыарыыны утарар үлэни бохсууга доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ инники күөҥҥэ дьоруойдуу охсуһа сылдьалларын бэлиэтээтэ. Роспотребнадзор улахан болҕомтотун, кыһамньытын ууран үрдүк эппиэтинэһи сүгэрин эттэ. Ис дьыала органнара постарга туралларын, уулуссаҕа ботурууллуулларын, дьон-сэргэ дьаҥҥа сыстыбатын, дьиэҕэ хааччахтанан олорорун туһугар үлэ тиһиктээхтик тэриллэрин эттэ. Итинтэн салгыы, Ил Дархан дьаҥы утары бохсор үлэлэр күүһүрэллэрин туһугар, улахан тэрилтэлэр, компаниялар көмөлөрү, өйөбүллэри оҥорбуттарыгар махтанна. Дьоҕус уонна орто урбаанньыттар маннык өйөбүлтэн туора турбатахтарын, кырдьаҕастарга өйөбүл буоларга бары кыахтарынан ылсан хамсааһыны таһаарбыттарын эттэ. Итиннэ сыһыары тутан дьоҕус биисинэһи өйүүр сорук турарын, кинилэргэ болҕомто ууруллуоҕун ыйда. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эдэр ыччат, волонтердар хамсааһыннара, аҕам саастаахтарга бу ыктарыылаах кэмҥэ көмөлөрө улахан тирэх буоларын эттэ.
Төһө да коронавирус дьаҥа аймаабытын, кутталы үөскэппитин иһин, үлэ-хамнас тиһиктээхтик салҕанар. Ол курдук, Ил Дархан эппитинэн, хоту улуустарга таһаҕастар тиэрдиллибиттэр, халаан уутуттан сэрэтэр, баһаардары утарар үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналлар, миэрэлэр ылыллаллар. Социальнай тутуулар, оскуолалар, оҕо саадтара, култуура, спорт саалалара, олорор дьиэлэр туттуллуулара санааны көтөҕөр, бөҕөргөтөр.
—Тутуу үлэтигэр үс тыһыынчаттан тахса олохтоох дьон үлэҕэ ылыллаллар. Кинилэри кылгас болдьохтоох, тутууга сыһыаннаах идэлэргэ үөрэтиилэр ыытыллаллар, — диэтэ Ил Дархан. Маны таһынан, кини тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ, ынах, сылгы, таба ахсааныгар урукку сыллардааҕар эбии тахсыы баарын ыйда. Маны сэргэ, Ил Дархан интэриниэт тиһигинэн туттуу биллэ элбээбитигэр тохтоото. Итиэннэ тэхиньиичэскэй хааччыллыынан, интэриниэт тиһигинэн туттууга Саха сирэ саамай сайдыылаах эрэгийиэннэр кэккэлэригэр киирбитин иһитиннэрдэ. Ханнык да харгыстарга бэриммэккэ, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэх-билии эйгэтигэр, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа өрүү инники кэккэҕэ сылдьыахтаахпытын эттэ.
Ил Дархан өрүү сомоҕолоһуулаах, түмсүүлээх буоларга ыҥырда. Хас биирдиибит, бука бары санаабыт күүһүн түмэн, инники сайдыыга дьулуһарбытыгар эрэнэрин биллэрдэ. Саха сирэ, Арассыыйа сайда туралларыгар баҕарда.