Соторутааҕыта Амма Покровкатын олохтооҕо Михаил Александров бурдук умнаһыттан — солуоматтан дьиэ тутан эрэри туһунан сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө.
edersaas.ru
Биллэн турар, маннык интэриэһи тардар сонун сүүрээни биһиги да көтүппэтибит. Тутааччы Михаил Александровы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.
Чинчийиини ааспыт тутуу матырыйаала
— Михаил Петрович, туох санааттан солуоманы дьиэ тутар матырыйаал быһыытынан туттар идиэйэ киирдэ?
— Үгүс тутууттан ыраах дьон бурдук умнаһын – солуоманы тутуу матырыйаалын курдук ылыммакка, миигин, нууччалыы эттэххэ, бу туох «дилетанай?» дии санаабыттара чахчы. Биллэн турар, миэхэ биир күнүнэн «солуоманан дьиэ тутар эбиппин» диэн өй киирбэтэҕэ. Сааһым тухары тутуунан дьарыктаммыт киһибин. Ол эбэтэр чуолкайдаатахха, 40-ча сыл тутууттан илиибин араарбакка үлэлээн кэллим. Дьэ, бу тухары тутуу эйгэтигэр сонун сүүрээни тобуларга араас идиэйэ киирэр буоллаҕа. Миэхэ бурдук умнаһыттан тутуу матырыйаалын оҥоруу толкуйа киирбитэ быланнаата. Тыйыс усулуобуйаҕа олорор дьон сүрүннээн итиини тутар матырыйаалга санаабытын уурабыт. Мин бурдук умнаһыттан оҥоһуллар тутуу матырыйаалын технологиятын аан дойдуга хайдах тутталларын өр үөрэттим, ырыттым. Былырыын уопут атастаһыытын, сүбэлэһии быһыытынан Хотугулуу-Илиҥҥи университет иһинэн үлэлиир тутуу матырыйаалын үөрэтэр, чинчийэр «Якутск—эксперт» лабораториятыгар солуоматтан оҥорбут матырыйаалбын холобур быһыытынан анаан киллэрэн бэрэбиэркэлэппитим, үөрэттэрбитим. Кинилэр онно матырыйаал сылааһы тутарын чинчийэр анал научнай прибордардаахтар, тэриллээхтэр. Онно хас да ирдэбили ааһыахтааххын. Солуомам сылааһы тутар көрдөрүүтэ үчүгэй түмүктэммитэ. Ол эбэтэр чинчийии түмүгүнэн бурдук умнаһа мастааҕар 4 төгүл сылааһы тутара быһаарыллыбыта.
Бурдук умнаһа интэриэһи тарта
— Эн научнай түмүгү ылаат, эрдийбиччэ, тута дьиэ тутуутугар ылыстыҥ…
— Учуонайдар икки хос хаптаһын икки ардыгар солуоманан ыга баттаммыт «истиэнэни» аҕыйах мэндиэмэннээх дьиэни тутарга (3 этээс) барсар тутуу матырыйаалын быһыытынан быһаарыы ылыммыттара. Мин солуоматтан 38 кв м иэннээх дьиэни тутарга быһаарынан, бу күннэргэ кыстыкка киллэрэр соруктаах сылдьабын. Солуомабытын анал станокка икки төгүл ыгабыт. Баһаам үлэлээх, матырыйаал да баранар. Онон улахан тымныы түөһүөр диэри үспүөйдээбит киһи диэн соруктаахпыт. Онтон дьиэбэр киирэн кыстыам. Онно олорон эрэ дьэ бэрэбэркэлиэм, чинчийиэм, төһө сылааһы тутарын. Онон быйылгы кыһын – миэхэ олус эппиэттээх.
— Салгыы учуонайдары кытта билсэ олорор буоллаҕыҥ дии?
— Университеты кытта ыкса сибээстээхпин. Кинилэр да дьыалатыгар хайдах көрдөрүү буоларын эмиэ интэриэһиргииллэр. Маны таһынан, тутуу институттарын кытта эмиэ сүбэлэһэ олоробун. Холобура, Дьокуускайдааҕы тутуу матырыйаалын бырайыактыыр институкка тутуум хаамыытын билсиһиннэрэ, сүбэлэһэ олоробун. Ону тэҥэ, Арассыыйа эригийиэннэрин солуоматтан дьиэ туппут холобурдарын интэриниэттэн билсэн, үөрэтэ сылдьабын. Ол курдук, маннык дьиэлэри Краснодарскай кыраайга, Подмосковьеҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга уонна Иркутскайга туталлар эбит. Онон мин Саха сиригэр боруобалаан тутааччы буолабын. Бу эригийиэннэргэ холоотоххо, мин холобурум быдан атыннааҕа чахчы. Биһиги усулуобуйабытыгар сонун сүүрээни киллэрии уустук.
Тутуу биригээдэтэ – уолаттара
— Тутуу биригээдэлээххин дуо? Хаһыа буолан тутаҕытый?
— Кынаттарым – икки уолум. Оҕо саастарыттан бэйэбин кытта илдьэ сылдьан көмөлөһүннэрэр этим. Онон тутууга сыстаҕас дьон. Бэйэм урут тутуу тэрилтэлээх этим. Солуома тутуу матырыйаалын быһыытынан үлэтэ судургу эбит. Престиир тэрил, станок наада. Уоннааҕытын технология ирдэбилинэн оҥорон таһаараҕын. Онтон «хотуобай истиэнэлэри», били, «Лего» диэн оҕо оонньуурун хомуйар курдук, икки күн иһигэр хомуйан уураҕын.
— Билигин олорор дьиэҕин бэйэҕин туттаҕыҥ дии?
— 93 кв.м иэннээх дьиэбин бэйэм туппутум. Киин ититэр тиһиккэ холбонон турар.
— Солуома дьиэҕин эмиэ киин ититэр тиһиккэ холбонор санаалааххын дуо?
— Ититэр ньыма, аныгы үйэ буолан, үгүс: мас, чох, убаҕас оттук, элекрическэй уот, араас хочуоллаах оһохтор. Ол иһин быйыл барытын боруобалаан, чинчийэн көрүөм — ыйга ханнык оттук ордук ороскуоттааҕын, туох төһөнү кэмчилиирин.
Дьон саҥатын тулуйуу
— Инстаграмҥа араас санаа этилиннэ – саарбахтааһын да баар, өйөөччү да үгүс.
— Сорохтор, баҕар, миигин дьиэтин тутта да илигиттэн эрэкэлээмэлэннэ дии саныыллара буолуо. Саха сиэринэн оннук даҕаны. Мин бэйэм да соһуйбутум – биир кэмҥэ эмискэ мин солуома дьиэбэр улахан болҕомто ууруллубутугар. Анаан көрдөөн булбатах, сатаан кэпсээбэтэх суолум буоллаҕа дии.
— Ол дьон хантан биллилэр эн бурдук умнаһыттан дьиэ туттан эрэргин?
— Ил Дархан Айсен Николаев Аммаҕа кэлэ сырыттаҕына, улуус салалтата «маннык сонун сүүрээн баар» диэн, Покровкаҕа анаан аҕалан билиһиннэрэ сылдьыбыта. Онтон оройуон актыыбын мунньаҕар Аҕа баһылык аныгы үйэ технологиятын тутуу матырыйаалын быһыытынан тутта сылдьарбытын сэргээбитин биллэрбит этэ. Ол кэнниттэн тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, хаһыат суруналыыстара, интэриэһиргиир дьон күн аайы кэриэтэ эрийэллэр. Төлөпүөнүм кытаран олорор. Хайыахпыный, биллэн хаалбыты, ыйыттахтарына кэпсиир буоллаҕым.
— Биир өттүнэн, бурдук умнаһыттан оҥоһуллубут дьиэ кыһыны хайдах тулуһарын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары кэтээн көрүөхпүт буоллаҕа.
— Оннугун оннук да, социальнай ситимнэргэ «солуома кутуйах аһылыга буолуоҕа», «умайан хаалыаҕа», «Ниф-Ниф, Наф-Наф дьиэтэ биир тыалга ону кытта барыаҕа», «харчы тоһутар ньыманы тобулбут» дииллэрин ааҕа-ааҕа санаам холлор. Сааһым тухары харчы «тоһуппутах» киһибин. Тутууга үлэлээбит уопуттаах киһи тутуу матырыйаала «кутуйах аһылыга» буоларын-буолбатын билиэм суоҕа дуо? Саарбахтыыр өрүттэрбэр анал исписэлиистэри, учуонайдары кытта сүбэлэһэн оҥоробун.
… Тутааччы идэлээх Михаил Александров 63 саастаах. «Бу эр киһиэхэ саамай айар-тутар, муударай саас эбит. Өр сыллар тухары мунньубут уопутум, үөрүйэҕим, көдьүүстээх түмүгүн олоххо киллэрэр сааһым буолан, барыта уурбут-туппут курдук бэйэтэ тахсан иһэр. Биэс-алта сыллааҕыта оҥорор сыыһабын билигин хатылаабаппын. Маастарыстыба бэйэтин көрдөрөр сааһа 60 cаас эбит диэн түмүккэ кэллим. Билигин да былааным үгүс. Аны «Өйдөөх дьиэни» (уотун, сылааһын бэйэтэ хааччынар дьиэ) толкуйдуу сылдьабын. Эһиил онно ылсыам», — диэн санаатын үллэстэр сэһэргэһээччим. Санаабытыҥ барыта этэҥҥэ олоххо киирэн истин, толкуйдаабытыҥ табылыннын, Михаил Петрович!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru