“Соломуон аман өһө” сахалыы саҥарда

14.12.2016
Бөлөххө киир:

Айыы Тойон Таҥара Соломуон ыраахтааҕыттан: “Мин эйиэхэ тугу биэриэхпин баҕараҕыный?” — диэн ыйыппытыгар, анарааҥыта норуотун сөптөөх суолунан сирдииригэр үтүөнү-мөкүнү араарар муударай өйү биэрэргэ көрдөспүт. Ол иһин, Таҥара киниэхэ ханна да суох мындыр өйү, ырааҕы өтө көрөр дьоҕуру уонна дириҥ муудараһы бэлэхтээбит.

 Муударай салалтатынан биллибит Соломуон ыраахтааҕы биһиги эрабыт иннинээҕи X үйэҕэ Израиль судаарыстыбатыгар олорон ааспыта. Кини уопсастыба олоҕор, дьиэ кэргэҥҥэ, үлэҕэ-хамнаска, баайга-дуолга суруйан хаалларбыт сүбэлэрэ, solomon-1бэргэн этиилэрэ түмүллэн Библияҕа киллэриллибиттэрэ.

Ахсынньы 13 күнүгэр Наукалар Академияларын аактабай саалатыгар Саха сиринээҕи Епархия уонна Библия тылбааһын институтун тэрийиилэринэн “Соломуон аман өһө” сахалыы тахсыытын биһирэмэ буолан ааста. Дириҥ санааны үөскэтэр баай тыллаах-өстөөх, элбэх тэҥнэбиллэрдээх, синонимнардаах, аллитерациялаах поэзия улуу айымньыта ис да хоһооно, тас да киэбэ тутуһуллан, сахалыы тыыннаммыт. Уу сүүрүгүнүү хомоҕойдук ааҕыллар. Мэктиэтигэр киһи Соломуон муударайы былыргы дьэбириэй ыраахтааҕытын быһыытынан буолбакка, саха Сээркээн Сэһэнин курдук ылынар.

“Соломуон аман өһүн” Библияны сахалыы саҥардыыга үйэ чиэппэрин кэриҥэ үлэлээбит Саргылаана Леонтьева чахчы кыайа-хото тутан тылбаастаабыт. Эрэдээксийэтин киэн туттуохпут иннигэр, биһиги хаһыаппыт ырытааччыта, суруналыыс, прозаик Раиса Сибирякова-Аайа оҥорбут.

Надежда ЕГОРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0