Солодов Владивостокка саха биисинэһин ситиһиилэрин дьүүллэстэ

Бөлөххө киир:

Саха сирэ тоҕо биисинэс сайдыытыгар табыгастааҕый уонна ыччакка көмөлөһөр туһугар киниэхэ хайдах «мэһэйдиэххэ» сөбүн туһунан Илиҥҥи экономическай форум кэмигэр “Уһук Илин ыччата” сессияҕа Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Владимир Солодов кэпсээтэ.

Женни СТРЮКОВА edersaas.ru

Саха сирин миниистирдэрин кэбиниэтин баһылыга MyTona оонньууну айбыт-хампаанньалаах бырааттыы Ушницкайдары холобурдаата. Кинилэр оройуонтан кэлэн баран баһаам  үбү ороскуоттаан, хаста даҕаны компьютер оонньуутун таһаара сатаабыттарын, онтон бэһис айан таһаарыыларыттан “үбү баһан”,  ити түмүгэр аан дойдутааҕы киэҥник тарҕаммыт оонньуулар  ахсааннарыгар киирэн, билигин хастыы эмэ миллиарды эргитэллэрин кэпсээтэ. Бу Саха сиригэр IT суолтатын үрдэппитэ.

“Ыччат – биир, оттон ону олоххо киллэрии – араас. Былаас соруга – ыччат көҕүлээһинин өйөөһүн. Ол эрээри кинилэргэ бэлэм усулуобуйаны үөскэтэр табыллыбат. Сороҕор кинилэргэ мэһэйдээн, сайдалларыгар кыаҕы биэриэххэ”, — диэтэ Солодов.

Кини саныырынан, эдэр ыччат дьарыктаах буолуу тугун уонна урбаан үлэтэ хайдах тэриллэрин билиэхтээх.

Саха сиригэр урбааны өйүүр тиһик мөлтөх онна ситэтэ суох бырайыактары туоратар курдук чопчу хайысханан үлэлиэҕэ. Бастаан саҕалыырга анаан  өрөспүүбүлүкэ фондатыттан 50-70 стартапка 1 мөлүйүөн солкуобай бэриллиэҕэ. Онтон бырайыак сайдан бардаҕына, маны айбыт дьон ырыынагы баһылаатахтарына, Саха сирин бырабыыталыстыбата “ВЭБ Инновации” кытта хастыы эмэ мөлүйүөн солкуобайынан үбүлүөхтэрэ. Оттон инвестицияны тардыы өттүгэр Уһук Илиҥҥи үрдүк технологиялар фондаларыттан сиппит бырайыактарга сүүһүнэн мөлүйүөн солкуобайы биэрэр туһунан кэпсэтии барыаҕа.

Женни СТРЮКОВА edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0