Солоҕоҥҥо ыал мусуойа үлэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Горнай улууһугар, Солоҕоҥҥо, ураты тэрээһин буолан ааспыт.

edersaas.ru

Билигин үгүс нэһилиэккэ өтөхсүйэн турар дьиэ үгүс. Сорох көһөн барар, сорох атын дьиэ туттар. Оттон Солоҕон олохтоохторо Елена уонна Борис Тимофеевтар өтөхсүйэн турбут төрөппүттэрин дьиэлэрин сөргүтэн, нэһилиэктэригэр мусуой оҥорон бэлэхтээбиттэр. Манна дьиэ кэргэн олоҕо барыта көстөн кэлэр. Ол курдук, иһит-хомуос, таҥас-сап, миэбэл, оҕо оонньууругар тиийэ — Сэбиэскэй кэм төннөн кэлбит курдук. Мусуойу арыйыыга, иэримэ дьиэ аал уотун алаадьынан күндүлээбиттэр.

— Мин Лөкөчөөнтөн уон дьааһыгы аҕаллым. Бу дьоммут Горнайга уонна Бүлүүгэ олорон туттубут урукку маллара, — диэн кэпсээбит ыал ийэтэ Елена Петровна.

Мусуой аһыллыытыгар кэлбит дьон оҕо, эдэр саастарын санатар маллары көрөн, олус долгуйдулар. Онон биир дьиэ кэргэн олоҕунан сирэйдээн, нэһилиэк устуоруйата үйэтитилиннэ диэн бэлиэтииллэр.

Бу туһунан Солоҕон нэһилиэгин дьаһалтатын инстаграмыгар иһитиннэрбиттэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Горнай улууһун «Солоҕон нэһилиэгэ» МТ инстаграмыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0