Солкуобай түспүтүн кэнниттэн, ханнык табаарга сыана ыарыай?

11.03.2020
Бөлөххө киир:

Дуоллар ыараан, оттон солкуобай таҥнары сурулаан түһэн, оҕо табаара, таҥас-сап, атах таҥаһа, электроника, дьиэҕэ-уокка туттуллар тиэхиньикэ, эмп-томп сыаната ыарыан сөбүн туһунан эспиэртэр этэллэр.


Арассыыйатааҕы фармацевтическай хампаанньалар түмсүүлэрин салайааччыта Виктор Дмитриев омук сириттэн кэлэр эмп сыаната 30% үрдүөн сөбүн бэлиэтиир.

Оҕо табаара, таҥас-сап, атах таҥаһа улахан аҥаара Кытайтан кэлэр буолан, сыана эмиэ эбиллиэн сөп. Омук сиригэр оҥоһуллар дьиэҕэ-уокка туттуллар тиэхиньикэ, электроника, гаджеттар сыаналара 20-35% ыарыыра күүтүллэр.

Тас дойдуттан эрэ кэлэр массыына буолбакка, Арассыыйаҕа оҥоһуллар Iada тимир көлө сыаната эмиэ үрдүөҕэ.

Солкуобай итинник аллара сурулаан түһэн баран хамсаабакка турдаҕына, дьиэ-уот сыаната эмиэ 10-15% ыарыаҕа. Ол туһунан РИА-Сонуннар иһитиннэрэр.  https://ria.ru/20200311/1568409352.html?utm_source=yxnews&utm_medium=desktop&utm_referrer=https%3A%2F%2Fyandex.ru%2Fnews

«Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыска: pronedra.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0