Кыыллары тутар пууҥҥа ыттары уонна куоскалары маассабайдык өлөрүү айдаана Москва куоракка тиийэ миитини күөртээтэ. Манна, Дьокуускайга «Туймаада» атыы-эргиэн дьиэтин иннигэр кыыллары көмүскээччилэр өлбүт ыттары кэриэстээн чүмэчи уматан аахсыйа биллэрбиттэрэ.
Ол кэнниттэн Дьокуускайга ыттары көмүскээн Арассыыйа ырыаһыта, Москва уобалаһын губернаторын сүбэһитэ Илона Броневицкая кэлэн, 2-с №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтин аактабай саалатыгар төгүрүк остуол буолла. Сугулааны Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров иилээн-саҕалаан ыытта.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, кулун тутар 3 күнүгэр Дьокуускайга ииримтийии ыарыылаах ыт тутуллубутунан, Дьокуускайга баар кыыллары тутар анал пууну 60 хонукка харантыыҥҥа саппыттарын туһунан иһиллибитэ. Ииримтийиинэн ыалдьыбыт ыты Строительнай уокурук оройуонуттан туппуттара.
Ыалдьыбыт ыты кытта сылдьыспыт, алтыспыт кыыллар бу ыарыыга начаас сыстан сутуйуллаллар. Кулун тутар 9 күнүгэр кыыллары көмүскээччилэр бөлөхтөрө уопсастыбанньык Злата Сычева салалталаах кыыллары тутар пуун күрүөтүн алдьатан киирэн, ыт ахсаана аҕыйаабытын, вольердар кэтэхтэригэр баар улахан контейнерга 100 ыт, 48 куоска өлүгүн булан улахан айдааны таһаарбыттара. Бу барыта харантыын кэмигэр буолбута.
Сыл ахсын бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээһин көҕүрээбэт. Оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ ыттар саба түспүт түгэннэрэ элбэх. Арай ииримтийбит ыарыынан ыалдьыбыт ыт ытырдын?
Денис Белозеров, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Кыылга-сүөлгэ эппиэтинэһи сүгүү өрөспүүбүлүкэбитигэр дьэ, саҕаланан эрэ. Ол курдук, ииримтийииттэн көмүскүүр быһыылары, ууһаабат гына ыраастааһыны оҥорон баран көҥүл ыытыылар Федеральнай сокуон барылын иһинэн оҥоһуллан эрэр, — диэн бэлиэтээтэ.
Павел Ксенофонтов, Ил Түмэн дьокутаата:
— “498 №-дээх кыылларга аһыныгас уонна харыстабыллаах сыһыаны ирдиир сокуону ситэтэ суох диэн бэлиэтиибин. Сокуоҥҥа эрэгийиэммит уратыта учуоттамматах. Парламеҥҥа бырабыыталыстыба, дьокутааттар уонна уопсастыбаннас кыттыылаах биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы анал хамыыһыйа тэрилиннэ. Бу хамыыһыйа кулун тутар 20 күнүгэр Федеральнай сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэриэҕэ уонна Ил Түмэҥҥэ ылыннарыыга ыытан, салгыы Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Дууматыгар тиэрдиллиэҕэ. Бу сокуон олоххо толору киирэригэр 2-3 сыл наада. Бэйдиэ сылдьар ыттар оҕолорбутугар саба түһэллэр. Ыттары сокуон көмүскүүр буоллаҕына, оҕолорбутун хайдах көмүскүүбүт?
Илона Броневицкая, Москва уобалаһын күбүрүнээтэрин сүбэһитэ, бэйдиэ сылдьар ыттар кииннэрин салайар киин бэрэссэдээтэлэ:
— Бэйдиэ сылдьар ыттары анал пууннарга тутуу элбэх үбү-харчыны эрэйбэт. Ыттары таһырдьа да тутан туран иитиэххэ-аһатыахха сөп. Хайаан да сылаас уйаларда оҥоруҥ диэбэппин. Кыыллар барахсаттарга сылаас аһылык, уу-хаар баар буолла да сөп. Судургутук сыһыаннаһыахха наада. Төһө даҕаны сокуоҥҥа суруллубутун иһин, ону сүүс бырыһыан тутуһан уустугурдары сыыһа дии саныыбын. Кыыллары тутар пууннары дьаһайыы кыһалҕатын чааһынай дьоҥҥо булуохха сөп. Кыыллары төрөөбөт-ууһаабат гына ыраастаан, ииримтийииттэн быһыы оҥорторон баран көҥүл ыыттахха, бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын учуоттуохха сөп. Арассыыйа киин куораттарыгар маннык уопут үлэлээбитэ ыраатта. Тоҕо бу уопуту туһаммакка, бүтэһик миэрэ ылыллыахтааҕый?
Ульяна Винокурова, социологическай наука дуоктара:
— Бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕалара — сүрүн боппуруос. Биһиги, сахалар, былыр-былыргыттан кыылы-сүөлү иитэн кэлбит норуот буолабыт. Ол эрээри, 2002 сыллаахха бэйдиэ сылдьар ыттар киһиэхэ саба түһэн өлөрбүттэригэр сокуон ылыммыппыт. Дьон-сэргэ туһугар кутталлаах быһыы-майгы буолбута.
Мин Павел Ксенофонтов этиитин кытта сөпсөһөбүн, дьон-сэргэ, оҕо аймах куттаммакка, холкутук сылдьыахтаах. Туох иһин бэйдиэ сылдьар ыттар бастыҥ усулуобуйаҕа тутуллуохтаахтарый? Федеральнай сокуон дьон-сэргэ уу-нуурал олохтоох буоларыгар суруллар. Онон сокуону уларытыыга анал бөлөх тэринэн үлэлэһиэхпитин наада.
Анна Соловьева, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕолор бырааптарын көмүскүүр боломуочунай:
— Мин 18 сыл тухары оҕолор бырааптарын, кинилэр көмүскэллээх буолууларын туһугар үлэлээбит буоламмын, ыттары көмүскүүр сокуону өйдөөбөппүн. Ааспыт сыл түмүгүнэн, бэйдиэ сылдьар ыттартан икки тыһыынча киһи эмсэҕэлээбититтэн, биир тыһыынчата — оҕолор. Ыттары көмүскүүр сокуону уларытан, оҕолорбутун көмүскүөҕүҥ диэн этиилээхпин. Бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээбит оҕолор үйэлэрин тухары инбэлиит буолаллар. Кинилэр эмтэнэллэригэр үтүмэннээх үп-харчы ороскуоттанар. Ыттар оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо эмиэ саба түспүт түгэннэрэ элбэхтэр. Биһиги кыыллардааҕар оҕолорбутун таптыахтаахпыт, харыстыахтаахпыт!
Марина Сантаева, кыыллары көмүскүүр уопсастыба чилиэнэ:
— Бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана эппиэтинэһэ суох хаһаайыттартан элбиирин билэбит. Ханныгын да иһин, Арассыыйа федеральнай сокуонун тутуһуохтаахпыт.
Василий Бураев, бэтэринээрийэ департаменын салайааччыта:
— «Мэдиссиинэ дьону эмтиир буоллаҕына, бэтэринээрийэ киһи аймаҕы эмтиир” диэн этии баар. Тохсунньу 27 күнүгэр Строительнай уокурук оройуонуттан тутуллубут ыт анал пууҥҥа ый кэриэтэ сылдьыбыта. Ииримтийиинэн ыалдьыбытын уорбалаан, анаалыс ылан бэрэбиэркэлээбиппит. Ииримтийии ыарыыта баара биллибитинэн, пууҥҥа икки ыйдаах харантыын оҥоһуллубута. Билигин ыттарга ииримтийииттэн босхо быһыы оҥорон, чииптээн учуокка ылыахтаахпыт. 50 тыһыынча устуука чииби сакаастаатыбыт. Чииптээһин босхо. Хаһаайын ытын босхо ыытан кэбиспитин тутан анал пууҥҥа аҕалан чииптээбит, быһыы оҥорбут ороскуотун хаһаайын бэйэтэ уйунар.
Илона Броневицкаяны кытта Москваттан кэлбит юрист идэлээх Маргарита Гаврилова Дьокуускайга бэйдиэ сылдьар ыттары тутар пуун иһинээҕи кыыллары барыларын да илдьэ барарга бэлэмин иһитиннэрдэ.
«Жилкомсервис» дириэктэрэ Валерий Билоус, кыыллары харантыын бүттэҕинэ, ол эбэтэр аны икки ыйынан ылыахха сөбүн бэлиэтээтэ.
Саас кэлэн халлаан сылыйан, ыттар сүүллэрэ киирэн, бэйдиэ сылдьыылара элбиир. Куорат кытыы уулуссаларыгар билигин даҕаны бэйдиэ ыт элбэх. Эппиэтинэһэ суох хаһаайыттар ыттарын босхо ыытан, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталлаах балаһыанньаны оҥороллорун, ыттарыгар-куоскаларыгар ииримтийииттэн быһыы оҥорторбокко, ууһаабат гына ыраастаппакка, төрөтөн-ууһатан бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын элбэтэллэрин хаһан өйдүөхтэрэй?
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — интэриниэттэн.