ГИБДД үлэһиттэрэ Намныыр суолга докумуон бэрэбиэркэлээри «УАЗ» массыынаны тохтотон, сокуону кэһэн, тайаҕы бултаабыт дьону туттулар.
40 саастаах суоппар уонна икки олорсооччу дьон биллэрдик кыйахаммыттар. Массыынаны бэрэбиэркэлээһин кэмигэр, кэлин багааска тайах этэ хол-буут арахсан лаабыстаммытын уонна үс нарез саа кистэммитин булбуттар. Инспектордар ирдэбиллэригэр «булчуттар» сатаан тайахха лицензияны көрдөрбөтөхтөр.
Инспектордар суһаллык суоппары уонна икки олорсооччуну Нам улууһун полициятын салаатыгар аҕалбыттар.
Сокуону кэһэн бултааһын түмүгэр Арассыыйа федерациятын холуобунай кодексатын «Сокуона суох бултааһын» диэнинэн 258 ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Айылҕаҕа оҥоһуллубут хоромньу 240 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1