Россия Конституцията 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр бүттүүн куоластааһын түмүгүнэн ылыныллыбыта. Бу Конституция олоххо киириитигэр, туох да мөккүөрэ суох, Саха сирэ сүҥкэн оруоллаах.
Ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр Сэбиэскэй Сойуус экономиката айгыраан, былаас барыта киин сиртэн салаллара регионнарга, чуолаан кытыы сытар субъектарга, соччо табыгаһа суоҕа биллэн барбыта. Экономикаҕа саҥа тыыны киллэрбэтэххэ, нэһилиэнньэ салгыы өссө кыпчыттаран барыахтааҕа сэрэйиллэрэ. Экономиканы сайыннарыыга бэлиитикэ боппуруостарын хайдах да тумнан ааһар кыаллыбата. Итини өйдөөн биһиги бастакы президеммит Михаил Николаев Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллаат, регионнар союзнай өрөспүүбүлүкэлэр курдук бэйэлэрин бэйэлэрэ бас билинэн олоруохтаахтар диэн санаанан салайтаран, суверенитеты ылыныыга, союзнай дуогабар түһэрсиигэ Сойууска бастакынан тыл көтөхпүтэ.
Ити бастакы этиитэ олоххо киирэн, Саха сирэ 1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Суверенитет туһунан декларацияны ылыммыта. Бу докумуонунан Саха сирэ ити сыл бэс ыйын 12 күнүгэр ылыныллыбыт Россия суверенитетын туһунан декларацияны өйүүрүн биллэрбитэ. Оччолорго, Сэбиэскэй Сойуус эстэр да чинчитэ биллэ илигинэ, ити – кытаанах быһаарыныы этэ. Ол эрээри кэм-кэрдии көрдөрбүтүнэн, бу – федеративнай тутулга киириигэ бастакы хардыынан буолбута.
Россия суверенитетын ылынаат тута, 1990 с. бэс ыйын 14 күнүгэр Россия норуоттарын депутаттарын бастакы съеһин ыытан, саҥа Конституциятын бэлэмнииргэ ылсан барбыта. Тоҕо диэтэргин, 1978 сыллааҕы Конституция саҥа кэм ирдэбилигэр сөп түбэспэт буолан барбыта. Ол иһин Конституцияны барыллыыр хамыыһыйа тэриллэн саҥа олоҕу оҥостуу саҕаламмыта. Бу хамыыһыйаҕа Михаил Николаев эмиэ киирбитэ. Буолаары буолан, регионнар ортолоругар, кинилэр интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылбыта.
Онуоха Россия Конституциятын кытта тэҥҥэ Саха сиригэр Төрүт Сокуон, союзнай дуогабар барылларын оҥоруу, көмө-тирэх буолбута диэтэхпитинэ сыыстарбаппыт. Манна Михаил Ефимович салалтатынан үлэлии сылдьар Үрдүкү Сэбиэт номоххо киирбит XII ыҥырыылаах мунньаҕын депутаттара улахан кылааты киллэрсибиттэрэ. Төрүт Сокуон барылыгар суверенитет сүрүн торумнара киирбиттэрин ааһан, федерацияны кытары үлэлэһиигэ сүҥкэннээх үлэ ыытыллыбыта. Ити биир хайысхатынан союзнай дуогабар буолар. Бу дуогабар сыыйа федеративнай дуогабарга кубулуйан, Саха сирэ уонна Россия Конституцияларын ылыныыларыгар, федеративнай тутулга киириигэ олук буолбута.
Ол курдук, 1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Михаил Ефимович Россия президенин Борис Ельцины кытары федеративнай дуогабарга илии баттаспыта. Онтон муус устар 27 күнүгэр, Россия Конституцията олоххо киириэн биир сыл иннинэ, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин Төрүт Сокуонун ылынан, дойдуга регионнар интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ чаҕылхай холобурунан буолбута.
Саха сирин холобуругар олоҕуран, Россия Конституциятыгарт Российскай Федерация демократическай, прававой, федеративнай судаарыстыба буолара бигэргэтиллибитэ. Саха сириттэн киирбит үгүс этии Конституцияҕа учуоттаныллыбыта. Онон түөрт сылы быһа тардыллыбыт Россия Конституциятын ылыныыга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ быһаарар оруолу ылбыта.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.