Сойжин Жамбалова: “Сахалар төрүт култуураҕытын өрө тутаргытын холобур оҥостуохха сөп”
Арассыыйа национальнай тыйаатырдарын бастакы Кэнгириэһин чэрчитинэн ыытыллыбыт биир сонун тэрээһининэн түөрт араас эрэгийиэни көрдөрөр режиссердар икки ардыларыгар ыытыллыбыт питчинг буолбута. Бурятияттан кэлбит Сойжин Жамбалова, Башкортостан режиссера Ильшат Мухутдинов, Татарстантан Гульназ Минкина уонна саха режиссера Роман Дорофеев бэс ыйын 22-25 күннэригэр ыгым тэтимнээх үлэни көрүстүлэр.
Уустук сорудах – эрдэ сыанаҕа туруорулла илик айымньыны үс күн иһигэр саҥа талыллыбыт артыыстар көмөлөрүнэн дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрүөхтээх этилэр. Арай санаатахха, олохтоох режиссер Роман Дорофеев ордук куоһурданан тахсар курдук – олохтоох артыыстары кини син билэн эрдэҕэ?
Ол эрэн, күрэх усулуобуйата бары кыттааччылары тэҥ усулуобуйаҕа туруорбута көстөр. Бастатан туран, режиссердар төрдүөн бэйэлэрин тылларынан саҥарар артыыстары кытта үлэлииргэ үөрүйэх эбит буоллахтарына, бу сырыыга бары өйдүүр – нуучча тылынан оонньууларын туруораллара ирдэммитэ. Бу ирдэбил артыыстары кытта үлэлииргэ эбии уустугурдуу буолбута биллэр этэ. Олоҥхо тыйаатырын, Саха тыйаатырын артыыстара биир сүрүн үлэлиир үстүрүмүөннэрин – тылларын, үс эрэ күннээх эрэпэтииссийэ иһигэр саҥалыы солбуйалларыгар режиссердар элбэх сыраларын бараабыт буолуохтаахтар. Иккиһинэн, үлэлэригэр түөрт тыйаатыр (Ньурба драматическай тыйаатыра, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, Саха тыйаатыра, Нуучча тыйаатыра) артыыстарын уонна АГИКИ устудьуоннарын көмөтүнэн туруоруохтаахтар этэ. Дорофеев үлэтин чэпчэтэ сатаабыта эбитэ буоллар, билэрдии бэйэтин эрэ тыйаатырын кэлэктиибиттэн артыыстары талыа эбитэ буолуо этэ. Ол эрэн, кини туруорбут “Эдип” (былыргы Греция классигын Софокл трагедията) испэктээгэр араас тыйаатыр артыыстарын оонньоппут.
Күрэх биир кыттыылааҕа Сойжин Жамбалова 2014 сылтан Хоца Намсараев аатынан Бурятия академическай тыйаатырын туруорааччы режиссерунан үлэлиир. Кини номнуо уонча үлэтэ сыанаҕа турбута, сорох үлэлэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы “Кыһыл көмүс мааска” бириэмийэ лонглист испииһэгэр киирбиттэрэ. 11 испэктээк муусукатын ааптара. Бу питчиҥҥэ “Ый хайатын анныгар турар кырдьаҕас дэриэбинэ” (“Старая деревня под Лунной горой”) диэн ааттаммыт кэрчиги көрдөрбүтэ. Питчинг кэнниттэн Сойжины кытта бу тэрээһин туһунан кэпсэттим.
– Хаһан Дьокуускайга кэллиҥ, Сойжин?
– Үс хонуктааҕыта. Дьиҥэр, бу питчиҥҥэ кыттарга сөбүлэспитим биир сүрүн төрүөтүнэн Саха сирин көрөр баҕа санаа этэ. Ол эрэн, миэхэ үксүн буоларын курдук, тыйаатыр эркиннэриттэн тахсыбакка кэриэтэ үлэлээн эрэ таҕыстым.
– Хайаан даҕаны Саха сиригэр кэлэр санаалаах этиҥ?
– Оннук. Үөрэнэ сылдьан, араас тыйаатыр күрэхтэригэр бэрт элбэх Саха сириттэн сылдьар үтүө доҕоттордоммутум, холобур, бүгүн “күөн көрсүбүт” Рома Дорофеевы кытта билсибитим ыраатта. Уонна саалаҕа олорбут көрөөччү Сергей Потапов эмиэ доҕорум, кини “дойдубар кэлээр, Саха сирин көрдөрүөм” диэн ыҥырбыта ыраатта.
— Уонна көрдөрбөтө?
– Дьону – тэрийээччилэри, артыыстары кытта билистим, дойду сүрүн баайа – кини дьоно буоллаҕа дии (күлэр). Уонна бөөлүүн түүн Өлүөнэ өрүс кытылыгар, Табаҕа тумулугар тиийэ сылдьыбыппыт. Үрүҥ түүн курдук айылҕа дьикти көстүүтүн илэ көрдүм, кэрэ айылҕаны, улуу өрүһү, күн тахсыытын көрдөрбүттэрэ. Онон, олох маттым диир сатаммат. Улаханнык хомойорум диэн, Ыһыах бырааһынньыгын көрбөккө баран эрэбин, дьон этэринэн, бүгүн саамай үгэнэ үһү. Чэ, өссө биирдэ кэлэр сылтах үөскээтэҕэ.
– Оо, кырдьык, кыһыылаах эбит. Мин билэрбинэн, эйиэхэ төрүт култуура бэрт чугас өйдөбүл буолар?
– Ити кырдьык. Үлэм соруктарыттан биир сүрүнэ – төрөөбүт бүрээт тылын сайыннарыы, норуотум бэйэтин тылын умнубатын туһугар үлэ буолар. 1988 сыл төрүөхпүн, мин көлүөнэм улаатар кэмигэр куоракка бүрээт тылынан кэпсэтэр уустук этэ. …”бобуулаах этэ” диир сыыһа буолуо эрээри, уулуссаҕа, оптуобуска бүрээттии кэпсэттэххэ “Арассыыйаҕа олоробут, киһи өйдүүр тылынан саҥарыҥ!” диэн сэмэлээһини истиэххэ сөп этэ. Бииргэ үөрэммит оҕолорум сорохторо бэйэлэрин тылларынан саҥарартан кыбыстар этилэр. Тус бэйэм кыра эрдэхпинэ саҥарар тылым нуучча тыла этэ, бүрээт тылын омук тылын курдук үөрэтэрбит. Мин дьолбор, аҕам төрөөбүт тылбытынан олус үчүгэйдик саҥарар этэ, миигин тылы таптыырга, дириҥник үөрэтэргэ угуйбута. Ол кэнниттэн уон сыл Москваҕа олорбутум, 2014 сыллаахха дойдубар төннөрбөр тылым лаппа тутахсыйбыт этэ. Дьэ ону үлэм быыһаабыта – Хоца Намсараев аатынан драматическай тыйаатыр аан дойдуга бүрээт тылынан испэктээктэри туруорар соҕотох тыйаатыр. Күннэтэ үлэлии сылдьан, аа-дьуо төрөөбүт тылбын дириҥэтэн билэбин, төрүт култуурабар төннөн иһэбин. Бу диэн эттэххэ, тылга сыһыан Бурятияҕа билигин тосту уларыйан турар, хас муннук аайы “тылбытын умнумуоҕуҥ, харыстыаҕыҥ!” диэн ыҥырыы иһиллэр. Дьиэ кэргэҥҥэ төрүт тылынан кэпсэтии, киэҥ эйгэҕэ тылы сайыннарыы билигин күүскэ угуйуллар, маны мин үөрэ кэтиибин, бэйэм кылааппын киллэрэ сатыыбын.
– “Ый хайатын анныгар турар кырдьаҕас дэриэбинэ” ситэ сурулла илик айымньы диэн биллэрдилэр. Хаһан ситэн-хотон сыанаҕа туруохтааҕый?
– Бу биһиги тыйаатырбыт артыыската Ольга Ранжирова-Ломбоева суруйа сылдьар пьесата. Табылыннаҕына, бу күһүн бэйэбит тыйаатырбытыгар туруорар санаалаахпыт. Сэһэн сүнньэ бүрээт үһүйээннэригэр олоҕурар, ол эрэн, буолар сирин-дойдутун, кэмин-кэрдииһин өйтөн тахсыбыт, суох эйгэҕэ көһөрбүппүт. Биир бүтэй дэриэбинэҕэ сэттэ ыаллыылар олороллор, сыл аайы биир киһини анараа дойдуга атаараллар. Маннык камернай эйгэҕэ дьон сыһыанын арыйыы ордук сытыытык көстүөн сөп. Сир-халлаан икки ардыгар ыйаммыт, тыыннаахтара, өлбүттэрэ биллибэт дьону кэтээн көрүү курдук. Бу кэрчиги ол иһин питчиҥҥэ аҕалбытым, өссө биирдэ имитэн, атын артыыстарга тургутан, саҥалыы көрөөрү.
– Хата, ону кэпсээ эрэ, артыыстары хайдах талбыккыный? Саха сирин артыыстарын кытта үлэлиир хайдах эбитий?
– Аан бастаан сирэй көрсүбэккэ эрэ, маннааҕы тэрийээччилэргэ “бу курдук хараахтардар ирдэнэллэр” диэн райдер курдугу бары ыыппыппыт. Кэлэн баран түөрт режиссер бары түмсэн “бэйэ бэйэбититтэн артыыстары былдьаһымыахха” диэн сөбүлэҥҥэ кэлбиппит. Онон судургутутан эттэххэ, талыы олус түргэнник ааспыта, бу диэн эттэххэ, таларга олус киэҥ диапазоннаах, элбэх артыыс баар этэ. Уонна өр сыымайдыырга бириэмэ да тиийбэт этэ – үс күн, кырдьык, олус ыгым болдьох. Саха сиригэр тыйаатыр сайдыытын таһыма олус үрдүк, онон бары талбыт артыыстарбын кытта үлэлиир бэрт чэпчэки этэ. Биир кэлэктииптэн буолбакка, хас даҕаны тыйаатыр артыыстарын сүүмэрдээбитим, дьиҥэр, ити курдук уустугурдууну бэйэм иннибэр туруорарбын сөбүлүүбүн. Кими эрэ кытта күрэхтэһэр курдук санаа суоҕа, төттөрүтүн, олус эйэлээх быһыы-майгы олохтоммута, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн, сүбэ-ама буолан үлэлээтибит. Нуучча, саха артыыстарын кытта үлэлээтим, таһымнара уһулуччу, маҥнайгы өйдөһүү күнүттэн ыла холкутук айар сыалбытын ситиһиинэн дьарыктанныбыт.
– Кэнгириэс үлэтин хайдах сыаналаатыҥ?
– Кэлэрбэр элбэх тэрээһини кэрийиэм, үлэбэр быыс була сатыам дии санаабытым. Ол эрэн, үлүһүйүү хараахтарым биир уратыта, онон, кырдьыгынан эттэххэ, үксүн туруоруубунан дьарыктанан, буолбут тэрээһиннэр туһунан “эчи хаарыаны” диэн саныы эрэ сырыттым. Ол да буоллар, далааһынын, тэрийии таһымын сөҕө көрдүм. Норуот тыйаатырдарын бииргэ түмүү Арассыыйаҕа буолуохтаах, күүтүллэр түгэн этэ. Бу тэрээһин Уһук Илин эрэгийиэниттэн саҕаламмыта олус үчүгэй, манна элбэх норуот ыкса олорор, алтыһыы хайаан да наада. Хамсааһын өссө сайда туруо диэн эрэнэбин.
– Саха сирин култууратын туһунан туох санаалааххын?
– Төрүт култуураҕытын харыстаан аҕалбыт таһымҥыт олус үрдүк, киһи ымсыырар. Уонна сайда турара харахха быраҕыллар, элбэх омук холобур оҥостуон сөп. Холобур, атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, сахалар киинэ оҥорууга киһи сиппэт үрдүк чыпчаалга тахсан тураҕыт. Хас даҕаны сахалар устубут киинэлэрин көрбүтүм, кырдьык, сатабыл сылтан сыл улаата турара көстөр. Бурятияҕа эмиэ киинэ эйгэтин сайыннарарар туһунан баҕа санаа олус күүстээх эрээри, хомойуох иһин, киинэни оҥоруу сайдыытыгар туох эрэ тиийбэт быһыылаах. Тус бэйэм билигин туораттан кэтии көрөр курдукпун. Хаһан эмэ, санаам ситтэҕинэ, баҕар, мин эмиэ бэйэм киинэбин устуом этэ диэн санаа баар.
Егор Карпов