Соһуччу түгэн

Ааптар:  Татьяна Находкина
21.07.2024
Бөлөххө киир:

1945 сыл. Миисиҥкэ остолобуойга кулук-халык туттан киирэн, ас биэрэр түннүктэн күнүскү аһын өлүүтүн ылла.

Пуобар Өлөөнө кыра бүлүүһэҕэ кутуллубут убаҕас хааһыны, кыра тооромос лэппиэскэни кытта дьэҥкир ыстакааҥҥа кутуллубут убаҕас кисиэ­ли ууран биэрдэ. Уол өлүүтүн ылан, уһун мас остуолга олорон тулатын сэрэммиттии көрөөт, хааһытын ньуос­ката суох сыпсыры­йан испитинэн барда. Остолобуой аана аһаҕаһынан өҥөҥнүүр уолаттары көрбөтөҕө буолла, лэппиэскэтин ылаат, ыстаанын сиэбигэр уктубутун бигээн көрдө. Ити барыта ах­­саан учуутала Иван Дмитриевич уруок кэнниттэн хаалларан, күннээҕи эбиэк­кэ хойутаан хаалла. Онтон атын, убайа Сааскалыын туох да кыһалҕата суох аһыа этэ. Оттон билигин куттанан кирик-хорук тутта олордоҕо. Эмискэ ааны тэлэччи тэбэн, үрдүкү кылаас икки уола суксугулдьуһан киирэн, пуобарга көхсүлэринэн, уолу күөннэринэн бүөлүү турунан кэбис­тилэр.

– Аҕал, өлүүгүн. Бэҕэһээ лотуоҕа оонньоон кыайтарбыккын умуннуҥ дуо? – Сиидэркэ кыараҕас хараҕынан, кыччаҕара эбии улаатан, эрилис-турулус көрдө.

– Суох, биэрбэппин. Хата, бэйэҕит кыайтарбыккыт, – Миисиҥкэ биэрбэт санаатын киллэрэн, төттөрүлэһэргэ сананна, олоппоһугар эбии дьиппинийэн биэрдэ.

– Биэриэҥ суоҕа да, бүгүн таһыр­дьа тахсар туһунан толкуйдаама даҕаны, – өрөһөөхтөммүт ордуос майгылаах Тараас саанардыы сутуругун көрдөрдө.

– Барыҥ, тахсыҥ, оҕоттон лэппиэскэтин былдьаары тураҕыт дуо? Баспытааталга этиэм. Эһигини Сааскаҕа эттэхпинэ да сөп оҥортуур ини, – пуобар Өлөөнө, уол биир нэһилиэк­кэ олорор улахан уолунан кут­­таан, улахан соҕустук саҥарда, эбиитин лэппиэскэ булкуйар лап­­паакытынан далбаатанна.

Сиидэркэ кыараҕас хараҕынан, кыччаҕара эбии улаатан, эрилис-турулус көрдө.

– Сэрэн эрэ. Син биир биэрэр оҥоруохпут, – уолаттар кут­таан киһи истибэт гына бөтүгүрэһэ турдахтарына, Аанчык хаһыырбытынан киирэн кэллэ, аҕылаабыт аҕай, төгүрүк сирэйэ тэтэрэн олорор, хараҕа чаҕылыйбыт ахан:

– Миисиҥкэ, паром иһэр үһү. Бу биһиги биэрэкпитигэр чугаһаабыт. Чааһынан кэлэр дииллэр. Сүүһүнэн холкуостар Саха сирин хоту улуустарыгар балыктыы диэн көһөн барбыттара дии, олор иһэллэр үһү. Онно биһигиттэн, Уус Алдантан, эмиэ барбыттара. Паром Арыы Тиит биэрэгэр тохтоон, уус алданнары түһэрэл­лэр үһү, онно тандалар эмиэ бааллар дииллэр. Дьоммут тута дойдуларыгар сатыы ааһыахтара. Баран көрсүөҕүҥ. Биһиги манна, Суотту детдомугар баарбытын билбэттэр, – кыыс өрүсүһэн саҥарарыттан аҕы­лаан эп-эппэҥнэс, хараҕын уута тохтоло суох сүүрэриттэн сирэйэ дарба­йан хаалбыт. Миисиҥкэ иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии ойон туран, иннигэр турар адаарыйбыт уолаттары силэйэ анньан, таһырдьа ыстанна.

– Тохтооҥ, бу кыра лэппиэскэ тооромоһо баар. Маны ылыҥ. Ийэлэргит барахсаттар сэниэлэрэ эстэн, туос аччык истэхтэрэ. Саатар айахтарын хамсаттыннар, – Өлөөнө кэннилэриттэн саппай уопсан тахсан, оҕолор сиэптэригэр лэппиэскэ угат­таата. Миисиҥкэ Аанчыктыын детдомнарын интэринээтин кирилиэһиттэн Сааска ханна эмэ көстөөрөй диэн өҥөҥнөөн көрөн баран, уолаттары дьаһайдылар: «Барыҥ, Саасканы булан этиҥ». Бэйэлэрэ иннилэрин диэки түһүнэн кэбистилэр. Арыы Тииккэ паром ханан тохтуурун билэр буолан, барар сирдэригэр улаханнык мунаарбатылар. Хата алдьаммыт киирсэбэй саппыкылара кытаанаҕа бэрт буолан, эбиитин онньоҕунан тэпсиллэн аалара бэрдиттэн, сотору-сотору тох­тоон, саппыкыларын уһулан, кытаран, тириитэ сараланан хаанынан оҕуо­лаабыт атахтарын тилэҕин, бэрбээкэйдэрин имэринэллэр, хас да сиринэн тэһитэ баран алдьаммыт наскыларын көннөрөн, тэбээн кэтээт, эмиэ иннилэрин диэки сүүрбүтэ буолан содьороҥноһоллор.

Сэрии буолан, оҕолор аҕалара арҕаа боруоҥҥа, Ийэ дойду көмүс­кэлигэр, бастакы ыҥырыыга барбыттара. Ийэлэрэ, чугас аймах дьонноро Саха сирин балыктаах улуустарыгар – Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, Дьааҥы, Халыма өрүстэригэр тиийэ – «боруон сакааһа» диэн ааттаах үлэ боруонугар балыктыы диэн көһөн барбыттара. Миисиҥкэ төрөппүттэригэр соҕотох оҕо этэ. Ийэтэ барахсан уолун баттаҕыттан имэрийэн ылаахтаабыта уонна дьону кытта мөһөөччүк тутуурдаах барса тураахтаабыта. Уол ийэтин маҥан былаата ыраахха диэри туртаҥныырын көрөн турбута. Барахсаттар, таһаҕастарын сыыһын тэлиэгэлээх оҕуска ууран, үксүлэрэ сатыы барбыттара…

Аанчык эһэлээх эбэтэ ийэтинээн, үһүөн, тэлиэгэлээх оҕуска олорон бараахтаабыттарынан, сурахтара иһиллибэт. «Аны хаарыаннаах төрөөбүт алааспар тыыннаах эргиллэбин эрэ, суох эрэ», – диэн эбэтэ энэлийэн ытыы олороро оҕо барахсан өйүттэн сүппэт. Дьонун санаатаҕына, ол хартыына хараҕар көстөн, эбии уйадыйааччы. Аанчык, доҕолоҥнуурун быыһыгар, аны мас силиһиттэн иҥнэн охтон, суол быылын-­буорун барытын бүрүннэ. Миисиҥкэ син ыраатыах киһи, Аанчыгы кэтэһэриттэн бытаарбыт курдук сананнар да, хайыай, биир сайылыкка үөскээбит, оҕо эрдэхтэриттэн эмдэй-сэмдэй сылдьыбыт ыалын кыыһын бырахпат буоллаҕа, кэтэһэригэр эрэ тиийэр.

Сэниэлэрэ эстэн, аҕылаан-мэҥилээн биэрэккэ чугаһаатылар. Ыраахтан көрдөхтөрүнэ, паромтан киһи бөҕө түһэн, тэлиэгэлээх оҕустарга олорон эрэллэр. Сорохтор сатыы бардылар. Миисиҥкэлээх Аанчык санааларыгар хардыыларын кэҥэтэн, түргэтээн биэрдилэр. Харахтара биэрэктэн тахсар дьоҥҥо хатанна. «Эһэм баар… Эһээ!» – Аанчык хаһыытыы түстэ, аҕылыырыттан саҥата да сатаан тахсыбат. Оҕолор ийэ-хара көлөһүннэрэ түһэн, байаат­таҥнаан, паромҥа чугаһаатылар. Чугаһаан иһэн иһиттэхтэринэ: «Байаҕантай дьонобут, көрсө киирбиттэрэ дуу?» – диэн ыйыталаһар саҥаны истэн, сүрэххэ ыттардылар. Биир сиргэ хараҕаланан турар оҕонньордоругар чугаһаан иһэн, билэр дьоннорун сирэйдэрэ элэҥнээбиттэриттэн уйадыйан, харахтара ууланан барда.

– Ийээ! Ийээ! – Аанчык, ытаан сыҥсыйарын быыһыгар хаһыырбытынан, куйаабылламмыт, уҥуох тирии дьахтарга иилистэ түстэ. Дьахтар, соһуйан өрө бабыгырыы түһээт, кыыһын ыга кууһан ылан саҥа таһааран ытаан барбытыгар, оҕонньор эрэйдээх истэн, тайаҕынан далбаатанан, дьонугар чугаһаата.

Миисиҥкэ дьону кэриччи көрө сатаата да, ийэтин күндү мөссүөнүн көрбөтө. Оҕолор кэлбиттэрин билэн, биир дойдулаахтара аттыларыгар тоҕуорустулар. Уончалар эбит. Дойдуларыттан ким да көрсө киирбэтэҕин билэн, Суотту детдомугар оҕолору кытта тахса сылдьарга кэпсэттилэр. Сынньанан баран, сарсын Байаҕантайга, ахтылҕаннаах дойдуларыгар Кыһыл Тандаҕа, сири төһө ылалларынан, сатыы барарга быһаа­рыннылар. Сааска, Миитээски ийэлэрэ, оҕолоро этэҥҥэ сылдьалларын истэн, үөрүүлэриттэн өрө бабыгыраһа турдулар. Ол кэмҥэ улахан уолаттар тиритэн-хорутан, аҕылаһан, тии­йэн кэлбиттэригэр эбии үөрүү буолла. Миисиҥкэ ийэтэ суоҕун өйдөөн, көхсө бөгдьөллөн туран, ытаан сыҥсыйан киирэн барбытын, Сааска ийэтэ Арыпыана уолу кууһан туран: «Һыллы, ытаама, хайыаххыный, ийэҥ барахсан бу кыһын суох буолбута. Киһилии көмпүппүт. Улахан киһи буоллаххына, ийэҥ уҥуоҕар тиийэ сылдьаар. Бэлиэ аспыппыт. Ханна сытарын этиэм», – диэхтээтэ.

Миисиҥкэ, хараҕын уутун ньухханарын быыһыгар Аанчыкка ийэтэ кэп­­сиирин истэн, эбии уйадыйда: «Эһэҥ барахсан икки хараҕыттан мэли­йэн кэлээхтээтэ. Онно муустаах ууну кэһэ сылдьан балыктаабыта сыанан-­арыынан аҕаабатаҕа чуолкай, өссө тугунан диэлийэрэ биллибэт. Оттон эбэҥ эрэйдээх көмүс уҥуоҕа ол дойдуга хаалаахтаата».

– Биһиги сыккырыыр тыыммыт хаалан, нэһиилэ тыыннаах кэллибит. Дойдубутун булбуппут дьолбут буолар. Аны өтөхпүтүн буларбыт буоллар.

– Ээ, ол биһиги тыыннаах хаалбыппыт диэн…

– Сэриигэ хаан-уруу дьоммут хайдах-туох сылдьаахтыыллара буолла? Хааннаах сэриигэ, Ийэ дойду көмүс­кэлигэр, өлөр өлүү ортотугар сырыттахтара барахсаттар. – Хата, Суоттуга детдом аһыллан, оҕолорбут барахсаттар этэҥҥэ сылдьыбыттар эбит.

– Оттон холкуоспут дьоно эрэйдээхтэр хайдах олороохтууллара буол­ла? Барахсаттарбыт көрсө да кыайан киирбэтэхтэр дии, – Миисиҥкэ биир дойдулаахтара ботур-ботур кэпсэтэллэрин истэн соҥуоран турдаҕына, убайын кэриэтэ саныыр Сааската, санныттан кууһан, бардыбыт диэн бэйэтигэр сыһыары тарта. Сарсын бары – оҕолуун-уруулуун дойдуларын диэки сатыы түһүнэн кэбиһэргэ кэпсэтэн, бэйэ-бэйэлэрин харах ­уулаах утарыта көрсөн мичээрдэһэ олордохторуна, Сааска, саҥа алла­йаат, ойон турда:

– Оо, биһиги дьоммут иһэллэр дии!

Холкуостарын икки кырдьаҕаһа Сэмэнньэ уонна Кирилэ, тоҥхоччу да кырыйдаллар, икки тэлиэгэлээх аты сиэтэн иһэллэрин көрөн, бары үөрэн саҥа аллайдылар. «Оо, дьоммут барахсаттар!» диэбитинэн ойон турдулар. Дьахталлар үөрүүлэриттэн, туттуммакка, атахтарын соһо тардан түөрэҥэлэһэн тиийэн, саҥа таһааран ытыы-ытыы кырдьаҕастарыгар саба түстүлэр.

Үөрүү… Соһуччу түгэн… Ахтылҕаннаах төрөөбүт дойду сыта саба биэрдэ. Чаҕылыччы тыкпыт күн, дойдутун дьонун үөрүүлэрин үл­­лэстэн, көмүс сардаҥаларынан саба ыспахтаата, сир-дойду, эйэлээх олох кэлбитин билбиттии, налыйан сытта.

Татьяна Находкина

«Ньоҕой эрэл» (Айар, 2022) кинигэтиттэн.

Кинигэ  “Айар” бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
13
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0