Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 133 сылыгар анаан Дьокуускай куоракка суруйааччы аатынан ааттаммыт уулуссаҕа өйдөбүнньүк бэлиэ арылынна. Тэрээһин көҕүлээччилэринэн “Саха Сирэ” хаһыат уонна “Алампа” айар түмсүүтэ буоллулар.
edersaas.ru
“Саха Сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын, чулуу дьоннорбутун умнубат туһугар, эдэр ыччат билэ-көрө сылдьарыгар анаан, уулуссаларга маннык өйдөбүнньүктэри туоруорарга ыҥырда:
— Уулуссаны ааттаан баран, хаалларан кэбиһэр сыыһа. Тоҕо уулусса бу киһи аатын сүгэрин, туох өҥөлөрдөөх киһи буоларын, үүнэр көлүөнэ билиэхтээх. Биһиги хаһыаппыт өссө даҕаны биллэр дьоммут ааттарын үйэтитэр үлэни ыыта туруоҕа.
Өйдөбүнньүк арыллыытыгар кэлбит, суруйааччы биир дойдулааҕа Михаил Архипов: “Алампа уҥуоҕа Тааттаҕа көһөрүллүөн иннинэ, бу сиртэн 150 миэтирэлээх сиргэ турбута. Эдэр сылдьан аттынан күн аайы сүүрэн ааһар этибит”, — диэн ахтан аһарда.
Өйдөбүнньүк бэлиэ Анемподист Софронов аатынан уулусса саҕаланыытыгар, урбаанньыт Артем Тахватуллин маҕаһыынын аттыгар ыйанна. Бэлиэ суругун-бичигин, “Уран” дизайн-студия таҥан оҥордо.
Егор Карпов, edersaas.ru