Софрон Чахов: «Биир үөлээннээхтэрим быыбарга көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбин»

Бөлөххө киир:
Хаартыска: Эльдар Садовников түһэриитэ.

Көмүс күһүммүтүн кытары быйылгы быыбарбыт бу тиийэн кэллэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ кыттаары сылдьар дьон санааларын ааһан, бастаан хайдах-туох быыбардаабыттарын ыйыталастыбыт.

Софрон Чахов, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын 3-с кууруһун устудьуона:

– Биһиги оҕо эрдэхпититтэн быыбар диэн тугун билэбит. Оскуолаҕа лиидэри таларбыт, билигин институт, университет идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэллэрин эмиэ куоластаан талабыт. Мин быыбарга кыттар буоллахпына, миигин судаарыстыба истэр, санаабын учуоттуур, убаас­тыыр диэн өйдүүбүн. Олохтоохтор былаас үлэтигэр үрдүк суолталаахтарын, улахан хамсааһыны оҥороллорун илэ көрөбүт, итэҕэйэбит.

Күннээҕи да олоххо биһиги куруутун талар, ордугу, үчүгэйи бэлиэ­тиир буоллахпыт дии. Онон ыччат дьон, биир үөлээннээхтэрбин, барыгытын буолаары турар быыбарга көхтөөхтүк кыттыахха диэн ыҥырабын.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0