Ыраах айан суоппардара Сочига сийиэскэ кыттыахтара

Ааптар: 
22.04.2018
Бөлөххө киир:

Быйыл Сочига бэс ыйыгар Арассыыйа Автотранспортнай сойууһун үс күннээх 16-с сийиэһэ буолар.

edersaas.ru

Онно Саха сириттэн СӨ Ыраах айан суоппардарын ассоциациятыттан түөрт дэлэгээт кыттыаҕа. Бу күннэргэ ассоциация чилиэннэрэ араас улуустартан айаннаан кэлэн, салайааччылара Евдокия Дьячковскаяны кытта үлэ былаанын дьүүллэстилэр, дэлэгээттэри талыы боппуруоһун ырыттылар.

Арассыыйатааҕы таһымнаах үлэни ыытан эрэр буолан, Сочига ыытыллыахтаах сийиэскэ биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн салайааччыттан ураты түөрт дэлэгээти ыҥырдылар.  Онно Чурапчы улууһуттан бэтэрээн-дальнобойщик, СӨ транспорын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ  ыраах айан бочуоттаах суоппара,  дальнобойщик-суоппардар династияларын аҕа баһылыга Дмитрий Сысолятин, Орто Халыматтан бэтэрээн-дальнобойщик, 30-тахса сыл хоту дойдуга араас таһаҕаһы тиэйбит Николай  Юзвик, Ньурба улууһуттан РФ  Автотранспортнай сойууһуттан «Автомобильнай транспорт салаатыгар үтүөтүн иһин» мэтээл хаһаайына, кэскиллээх дальнобойщик Николай Сотников, Үөһээ Бүлүү улууһуттан Саха Сирин тырааныспарын үтүөлээх үлэһитэ Виталий Иванов  кытта барыахтара, — диэн кэпсиир СӨ Ыраах айан суоппардарын ассоциациятын салайааччыта Евдокия Дьячковская.

Мин сийиэс дэлэгээттэрин көрсөн кэпсэттим, санааларын иһиттим.

Николай Сотников (Ньурба улууһа) 2000 сылтан суоппардыыр. 2007 сыллаахха КаМАЗ массыына ылынан баран, бэйэ дьыалатын тэриммит.

Урбаанньыт быһыытынан, Ленскэйтэн Ньурба улууһугар мас тиэйэр этим, ону тэҥэ улууспун олохтоох салайааччылар сакаастарынан норуот хаһаайыстыбатын араас табаарынан, таһаҕаһынан хааччыйбытым.  2016 сыллаахха «КамАЗ»-пын атыылаан баран, «Вольво» массыынаны ылбытым. Онон Новосибирскайтан, Уус Куттан тиийэ  тутуу матырыйаалын тиэйбитим.

Ыраах айан суоппардара бэйэбит түмсүүлээхпит олус бэрт. Араас уустук, кыаллыбат боппуруостарбытын туруорсарбыт, быһаарабыт. Арассыыйатааҕы таһымнаах сийиэскэ сылдьан, атын регионнар суоппардарын кытта билсиэхпит, санаа атастаһыахпыт, — диэн санаатын үллэстэр Николай Сотников.

Виталий Иванов (Үөһээ Бүлүү улууһа) 1998 сылтан суоппардыыр. 2003 сыллаахха бэйэ дьыалатын тэринэн, дьоҕус бизнес эйгэтигэр үктэммит.

— Аҕам ыраах айан суоппара этэ. Киниэхэ оҕо сылдьан илии-атах буолан, дальнобойщикка тиийэ үүннүм. Новосибирскайтан урбаанньыттарга таһаҕас таһар этим. Онтон КамАЗ массыына ылынан баран, Новосибирскайтан Ньурба, Сунтаар улуустарын чааһынай маҕаһыынарын сакаастарынан бородуукта тиэйбитим.  2008-2009 сылларга омук массыынатыгар көспүтүм. Кэмчилээһин  да өттүнэн, көрүүтэ-истиитэ да судургу буолан, бэрт массыына. Ол кэмҥэ сахаттан  «Вольвоны» бастакынан атыыласпытым. Хотунан-соҕуруунан айаннаабытым аҕай. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээн, Калмыкияттан, Алтаайтан уонна Хакассияттан ынах сүөһүлэри тиэйбитим. Сунтаар Кириэстээҕэр баар Калмыкияттан уонна Алтайтан аҕалбыт ынахтарым үчүгэй көрдөрүүлээхтэрин истэн үөрэбин, — диэн кэпсиир сийиэс дэлэгээтэ.

Мин уопуттаах суоппардартан: «Айаҥҥа араас быһылаан, саахал тахса турарын истэ-билэ сылдьаҕыт. Онуоха эһиги, ыраах айаҥҥа үөрэхтээх дьон, санааҕыт?» — диэн ыйыппыппар сэһэргэһээччилэрим:

Саахалы таһаарбыт суоппардар үксүлэрэ уопута суох, саҥа массыынаҕа олорон эрэр ыччаттар. Кинилэр дьону тиэйии курдук олус улахан эппиэтинэһи сүгэллэрин өйдөөбөттөр. Онон таксистарга массыынаны ыытарга үөрүйэх, ыстаастаах дьон эрэ үлэлииллэрин курдук ирдэбили туруоруохха наада. Сайын — быыл, кыһын — туман, саас — халтараан. Уопуттаах суоппардар эппиэтинэһи өйдүүбүт, муҥ кыраайынан көтүппэппит. Ыраах айан суоппардара бэйэ-бэйэбитин өрүү суолга көрсөн ааһар буолан, билсэбит, — диэн бэлиэтээтилэр.

Мин СӨ Ыраах айан суоппардарын ассоциациятын салайааччыта Евдокия Дьячковскаяны кытта көрсөн, суоппардар туох сүрүн боппуруоһу туруорсалларын ыйыттым. Онуоха Евдокия Кимовна бу курдук хоруйдаата:

Ыраах айан суоппардара тахограф ирдэбилин ылымматтар. Хотугу улуустарга айанныыр суолларын тухары аһыыр-сынньанар сирдэрэ суох. Онон төһө чаас тохтоон утуйбуттарын хонтуруоллуур кыахтара суох. Ыраах айан суоппардара тымныы услуобуйаҕа эмиэ өр тохтоон турар кыахтара суох. Бу туһунан кэпсэтиини араас инстанцияҕа барытыгар туруорустубут.

Госдуума дьокутаата Галина Данчикованы, Арассыыйа  Автотранспортнай сойууһун салалтатын, СӨ предпринимателлэр бырааптарын көмүскүүр боломуочунай Айталина Соколованы, госавтонадзор управлениетын, ГИБДД салалталарын кытта кэпсэппиппит. Ыам ыйын 5 күнүгэр автотырааныспар боппуруоһа Госдуумаҕа көрүллүөхтээх. Онно бу боппуруос быһаарылларын ини диэн эрэнэбит, — диэн санаатын тиэртэ Евдокия Дьячковская. 

Ити курдук, СӨ Ыраах айан суоппардарын ассоциацията Саха сирин суоппардарын түмэр, кинилэр суолталаах боппуруостарын быһаарсар биир бөдөҥ уопсастыбаннай тэрилтэнэн буолла. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0