«Сордоммут собо» диэн сүрэхтээтилэр Таалай күөлү туоруур муостаҕа баар собоҕо пааматынньыгы. Маны вандаллар иккитэ алдьата сылдьыбыттара, ууга да бырахпыттара. Аны, билигин муоста бүрүөһүнүн саҥардалларыгар собону олбоҕуттан эмиэ туурбуттар. Онуоха Фэйсбукка бэйиэт Гаврил Андросов пааматынньыкка анабыл-хоһоону айбыт:
Сордоммут да собо —
Соһуллар муннукка,
Сороҕор дуол сүтэр…
Сордоммут да собо —
Солуурга да баппат,
Сокууска да буолбат!
Сордоммут да собо —
Соһуйа көрөбүн,
Сонньуйан ылабын.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1