Сэтинньигэ саха ыала сибиэһэй собонон аһыыр кэмэ. Күөх Боллох барахсан көмүс хатырыктааҕыттан бэрсэн, сандалы аайы собо хоточчу ууруллар. Онон ааҕааччыларбытыгар анаан саха маанылаах балыгыттан оҥоһуллар араас бүлүүдэлэр ырысыаптарын үллэстэбит.
Маны билэҕин дуо?
Собо балыкка састааба аминокислотанан баай диэн суруйаллар. Бу ньиэрбэ систиэмэтин үлэтигэр көмөлөөҕүн туһунан этэллэр. Ону таһынан, железо, А уонна Е курдук битэмииннэрдээх, кальцийдаах, фосфордаах. Билиҥҥи курдук хамсык дьаҥын кэмигэр төрүт аһылыкпыт туһата элбэхтик ахтыллар. Уопсайынан, собо иммунитеты, уҥуоҕу, тииһи, тыҥыраҕы бөҕөргөтөрүнэн урут-уруккуттан биллэр. Собону ордук хат дьахтар сиэхтээх диэн сүбэлииллэр.
Собо миинэ
Туох ирдэнэрий: собо, үүт, хонуу лууга, туус.
Хайдах бэлэмниибит: Собону миискэлээх ууга кутан буһара уурабыт, туус эбэбит. Буһуон 15 мүнүүтэ иннинэ үүт кутабыт, оргуйаатын кытта луук эбэбит. Үүт балык миинин өссө тупсарар. Балыгы иһиккэ хоторон баран, үрдүгэр кыратык туус таммалатабыт.
Собо миинин дьон араастык астыыр. Сороҕор, балыгы буспутун кэннэ сиидэлээн баран кыра ириис, хортуоппуй эмиэ кутуохха сөп.
Соботтон кэтилиэт
Туох ирдэнэрий: собо, хонуу лууга, чеснок (ким сөбүлүүр), сымыыт, мааннай куруппа, туус.
Хайдах бэлэмниибит: бытархай собону хатырыктаан, үөстээн баран төбөтүн уҥуоҕун, кутуругун ылан быраҕабыт итиэннэ үс төгүл мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Бэлэм фаршка сымыыт, луук, чеснок, туус, кыратык мааннай куруппа кутан булкуйабыт. Убаҕастыҥы буолуохтаах. Итии хобордооххо ньуосканан кутан икки өттүттэн ыһаарылыыбыт.
Соботтон запеканка
Туох ирдэнэрий: 2–2,5 кг орто эбэтэр кыра кээмэйдээх собо, “12 приправ” диэн маҕаһыыҥҥа атыыланар тума эбэтэр дьиэҕэ туох тума баарынан, сымыыт, ириис, туус.
Хайдах бэлэмниибит: собону хатырыктыыбыт, үөстүүбүт. Төбөлүүнү, кутуруктууну икки төгүл мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Өлүн, искэҕин ороон, туспа ыһаарылыыбыт. Мясорубкаҕа үһүс эрийтэриибитигэр буспут өлү бииргэ кутабыт. Буспут ириис, тума, туус кутан баран дэлби булкуйабыт. Мантан убаҕастыҥы маасса тахсыахтаах. Буһарар иһиккэ сыстыбатын курдук пергаментнай кумааҕы ууран баран арыынан сотобут итиэннэ маассаны халыччы кутан 35–40 мүнүүтэ буһарабыт.
Соботтон бөрүөк
Туох ирдэнэрий: собо, ириис, бэлэм тиэстэ, луук, моркуоп, туус.
Хайдах бэлэмниибит: кыра собону хатарыктаан баран үөһүн, хабаҕын, оһоҕоһун, төбөтүн уонна кутуругун ылан быраҕабыт. Собону үс төгүл мясорубкаҕа эрийтэрэбит эбэтэр блендердиибит. Фаршка буспут ирииһи кутан булкуйабыт, арахса сылдьыбатын курдук 1–2 сымыыты эбиэххэ сөп.
Маҕаһыыҥҥа атыыланар бэлэм тиэстэни тэнитэн баран үрдүгэр фаршпытын кутабыт, ол кэниттэн ыһаарыламмыт луук, моркуоп тэлгэтэн баран хаалбыт тиэстэбитинэн бүрүйэн кытыыларын сабабыт. Үөһэ өттүн хас да сиринэн биилкэнэн дьөлө анньабыт (салгын хаайтарбатын туһугар) итиэннэ 200 кыраадыстаах духуопкаҕа уган буһарабыт.
Искэхтээх алаадьы
Кыра оҕо искэҕи соччо-бачча сөбүлээбэт. Оҕоҕо искэх сиэтэр биир албас баар — алаадьыга булкуйан биэрии.
Туох ирдэнэрий: собо искэҕэ, үүт, бурдук, туус.
Хайдах бэлэмниибит: соботтон искэҕин ороон, кыра уулаан, туус эбэн хобордооххо буһара түһэн ылабыт. Искэхпитин бэлэмнэммит алаадьы тиэстэтигэр кутан дэлби булкуйабыт. Уонна сылыйбыт арыылаах хобордооххо кутаттаан икки өттүттэн буһарабыт. Буспутун кэннэ күөх лууктаан, уроптаан итиилии сиир ордук.
Собо иһиттэн бэлимиэн
Туох ирдэнэрий: Собо өлө, искэҕэ, хонуу лууга, мас арыыта, сүөгэй, хара мээккэ биэрэс, туус, бурдук, сымыыт, үүт.
Хайдах бэлэмниибит: Собо өлүн, искэҕин оруубут. Луугу мас арыытыгар ыһаарылыыбыт, үрдүгэр балык өлүн, искэҕин кутан, биэрэс, туус эбэн буһара түһэбит. Аҕыйах диэтэххитинэ кыратык буспут ириис эбиэххитин сөп.
Үүтү, сымыыты, бурдугу кутан бэлимиэн тиэстэтэ оҥоробут. Тэнитэн баран бэлэм формаҕа ууран бэлимиэни бэлэмниибит. Хобордоохтоох уу оргуйаатын кытта бэлимиэммитин кутан буһарабыт, кыратык сүөгэй эбэбит.
Духуопкаҕа буспут собо
Туох ирдэнэрий: орто эбэтэр улахан кээмэйдээх собо, ириис, майонез, мас арыыта, тума, туус.
Хайдах бэлэмниибит: собону хатырыктыыбыт, үөһүн ылабыт. Өлүн туспа ылан кыра иһиккэ буһарабыт. Туспа иһиккэ ынах арыытын уулларан хонуу луугун ыһаарылыыбыт. Ыһаарыламмыт луугу, үөлү итиэннэ буспут ирииһи кутан барытын биир маасса буолуор диэри булкуйабыт. Бэлэмнэммит маассаны кыра ньуосканан собо иһигэр угабыт. Духуопка илииһигэр пергаментнай кумааҕы тэлгэтэбит, мас арыытынан сыбыыбыт, үрдүгэр соболорбутун кэчигирэччи уурабыт. Үрдүн майонеһынан эбэтэр мас арыытынан ньалҕаарыччы сотобут итиэннэ духуопкаҕа угабыт.
Собо тыллаах саламаат
Туох ирдэнэрий: 10–15 устуука собо тыла, 200 кыраам ынах арыыта, 1 лиитирэ итии уу, 2–3 ньуоска бурдук, туус.
Хайдах бэлэмниибит: арыыны миискэҕэ уулларабыт, сырдьыгыныан иннинэ кыра-кыра бурдук кута-кута буһарабыт. Хойдубутун кэннэ итии уу кута-кута ытыйабыт. Арыыта дагдайан тахсаатын кытта буспут собо тылын кутабыт уонна кыратык тэптэрэ түһэбит. Саламааты итиилии сиибит.
Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска:Promysel.com