Соҕуруу улуустарга ардаҕы ыҥырар зондировщик-сөмөлүөт үлэлиэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 11 күнүгэр,  СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрбитинэн,  Саха сирин соҕуруу улуустарыгар этиҥнээх циклон ааспытын түмүгэр, ойуур баһаардара туруулара элбээбит.

«Авиалесоохрана»  cулууспатын  сөмөлүөттэрэ  көтүүлэрин түмүгэр,  ааспыт сууккаҕа Саха сирин үрдүнэн 22 ойуур баһаара турбута биллибитэ. Билиҥҥи туругунан, 25 уот умайар, барыта 3441, 5 гектар иэннээх сир былдьанна. Мантан биирэ умуруорулунна. Умуруорууга 158 киһи уонна 14 анал тиэхиникэ үлэлиир. 20 улууска хонтуруол күүһүрдэ. Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биирдии баһаар умуруорулунна. Онон сибээстээн,  бу күннэргэ соҕуруу улуустарга ардаҕы түһэрэр зондировщик-сөмөлүөт үлэлиирэ былааннанна», — диэн Андрей Коноплев быһаарар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0